Page 128 - Саха тыла 6 кылаас
P. 128
биэриэм. Солко Миитэрэй мааны дьон иннигэр кыһаныа.
3. Миигин бары билэллэр. 4. Бу мин эһиэхэ сырыттым.
5. Эһиги миигин үчүгэйдик көрүстүгүт. 6. Мин эмиэ эһигини
үчүгэйдик көрсүөхтээхпин буолбат дуо? (Степан Ефремов)
242. Сыһыарыы түһүккэ турар солбуйар ааты болҕой. Этии-
лэри көннөр. Холобур: Туруору тылбаас: Эйиэхэ тэтэ-
рээттээххин дуо? (У тебя есть тетрадь?) Сахалыы этии:
Эн тэтэрээттээххин дуо? Эйиэхэ тэтэрээт баар дуо?
1. Миэхэ саҥа көмпүүтэрдээхпин. 2. Эйиэхэ бириэмэҥ
элбэх дуо? 3. Киниэхэ үлэтэ наһаа элбэх. 4. Биһиэхэ кыра
уоту кулуһун диибит.
243. Солбуйар аат уус-уран айымньыга хайдах туттуллубу-
тун кэтээн көр.
1. Эн аҕаҥ муҥнаах сис тыаҕа Буурҕаны кытта сырсар,
Эйигин, миигин иитээри Куобахха айа тардар. (Эллэй)
2. Бэҕэһээ киэһээҥҥи биэчэргэ Билсиһэн, кыратык кэп-
сэтээт, Биир эдэр кавалер уол баара Миэхэҕэ сүрэҕин
туттарбыт. (Күннүк Уурастыырап) 3. Тапталлааҕым, эн
миэхэҕэ Соҕотоххун диэбитэ. (Леонид Попов) 4. Бырас-
тыы, эн, Кавказ, мин бардым Муҥутуур Москуба куорак-
ка! (Күннүк Уурастыырап) 5. Дууһабар эн ыллаа, Дууһабар
эн сырдаа, Бастакы хаар сылаас нуолура! (Савва Тара-
сов) 6. Охоноон биһикки биир нэһилиэктээх дьоммут.
(Амма Аччыгыйа) 7. Өр буолла эн биһи арахсан Үлэлии
айанныах буолбуппут, Киэһээҥҥи халлааҥҥа ый тахсан,
Килбиктик көрсүһэн турбуппут. (Пантелеймон Тулааһынап)
8. Киэҥ муора куугунун санатан, Күөх тайҕа анныбар
долгуйар, Эн биһи үөрүүбүт ырыата үөһэттэн кутулла
дуорайар. (Леонид Попов)
128