Page 123 - Саха тыла 6 кылаас
P. 123
1. Хаһыстар? — Алтыстар. Төрүт олоҕо — алта. 2. Су-
дургу. 3. Ааттыйбыт кэрискэ ахсаан аакка -с, элбэх ах-
саан сыһыарыыта -лар эбиллибит. 4. Туһаан.
231. Ахсаан ааты булан, саҥа чааһынан ырыт.
1. Кылааска сүүрбэ үс үөрэнээччи баар. 2. Уон гым-
мыт биирэ дэһээтэй диэн буолар. 3. Биһиги алтыска
үөрэнэбит.
232. Ахсаан ааттар этиигэ ханнык чилиэн буолбутта-
рын быһаар.
1. Сэттэ уон быластаах дьуруу таас кутуруктаах, түөрт
уон былас тэлэҥэ таас кынаттаах баар үһү. 2. Аҕыс уон
айдааннаах ааннаах, түөрт уон түрбүөннээх түннүктээх
таас таҥара дьиэтэ баар үһү. 3. Алта атахтаах омук оһуор
анньарыгар ким да тиийбэт үһү.
233. Төһө уонна кэрискэ ахсаан ааттары бул, ыйытыыларын
туруор, кэрискэ ахсаан саһыарыытын ый.
1. Түөһүгэр түөрт уон түөрт тимэхтээх чолоодо тойон
баар үһү. 2. Биир далга сүүс сүөһү хаайыллыбыт үһү.
Сэттэ уйа баар, онтон алтата иччитэ суох, сэттистэрэ
эрэ иччилээх.
123