Page 126 - Саха тыла 6 кылаас
P. 126
— Кини! — дииллэр, — Тулуй! — дииллэр.
Кими эрэ кэтииллэр. Тугу эрэ кистииллэр.
(Семён Данилов)
6. Бу — миэнэ, эйиэнэ, Сахабыт кыраайа, эҥсиллэр
Элиэнэ, аар тайҕа суугуна. (Семён Данилов)
236. Биһиги, бэйэм, ол, бачча солбуйар ааттары түһүгүнэн
уларыт. Бу тыллары туһанан, тус олоҕуҥ туһунан этии-
лэрдэ толкуйдаа.
237. Ким, туох, ханнык, хайдах, ханна, хас ыйытар солбуйар
аакка эрэ, эмэ, да, даҕаны эбиискэлэри эбэн, быһаарыыта
суох солбуйар ааттары үөскэт. Быһаарыыта суох сол-
буйар аат ыйытар солбуйар ааттан туох атыннааҕын
толкуйдаа.
Былыргы сахалар кэми-кэрдиини, күнү-дьылы ааҕал-
ларыгар олохторун-дьаһахтарын уратыта дьайара. Холо-
бур: ый саҥата, ый эргэтэ, ый иккис аҥаара, дьыл оро-
йо, чыпчылыйыах түгэнэ, этэн баран эҕирийиэх иннинэ,
хамсалаах табах быстыҥа, тоҥ күөс быстыҥа, ырыа-
лаах олоҥхо, о.д.а.
238. Бу тыл ситимнэрэ билиҥҥи өйдөбүлүнэн быһа холоон
кэм-кэрдии төһө кэрчигин хабарын быһаарарга холон.
Бу сорудаҕы толороргор дьоҥҥун, учууталгын көмө-
лөһүннэр, бэйэҥ ити туһунан матырыйаалы кинигэт-
тэн, хаһыаттан, интэриниэттэн булан, кылааскар кэп-
сэт. Холобур:
чыпчылыйыах түгэнэ — 1—2 сөкүүндэ;
хамсалаах табах быстыҥа — 15—20 мүнүүтэ;
тоҥ күөс быстыҥа — 1 чаас...
239. Тардыылаах солбуйар ааттары ситэр, сирэйдэрин
ахсааннарын быһаар.
126