Page 125 - Саха тыла 6 кылаас
P. 125

· Быһаарыыта суох солбуйар аат: ким эрэ, туох эрэ, хас
   эрэ, хайа эрэ, ханнык эрэ, төһө эрэ.

· Хомуур солбуйар аат: бары барыта.

         234. Солбуйар аат оннугар ускуопка иһигэр баар атын
                 тыллары туруоран, этиини толору аах. Этии ис
                 хоһооно төһө уларыйарый?

    1. Кини барда (Николай, Аанчык, Василий Васильевич,
эһэм). 2. Маннык дьиэ атыыланар (таас, мас, икки этээс-
тээх, эргэ, саҥа). 3. Бачча куобаҕы бултаатыбыт (үс, уон-
ча, уон икки).

235. Аах. Солбуйар ааты бул, арааһын ый. Этии ханнык
        чилиэнэ буоларын ыйытыы көмөтүнэн быһаар.

    1. Сарсыарда Микиитэ, эрдэ туран, утуйа сытар Өлөк-
сөйү сүүһүттэн сыллаата:

    — Чэ, сыччыай, мин бардым... эн үчүгэйдик сырыт, мии-
гин алыс ахтыма. (Амма Аччыгыйа)

    2. Бу сир-буор ийэбин ити күлэр күнүм итии уоһунан
ууруо, оччоҕо бу сиэмэттэн мин дьолбор көмүс туораах
үүнүө. (Суорун Омоллоон)

    3. Иэйии истиҥэ, тойук туйгуна Манчаарыга ананыаҕа.
Кини кимий? Бу ханна, хаһан төрөөн-үөскээн сылдьыбыт
киһиний? Туох сүҥкэн өҥөлөөх буолан, кини мөссүөнэ
норуот сүрэҕэр сүппэттик иҥмитий? Туох улахан үтүөнү
оҥорон, кини аата бар дьон уоһуттан түспэтий? (Софрон

Данилов)

4. — Ааспыт кыһыҥҥа таһаҕасчыт буоларга кэпсэтэҥ-

ҥин, эн миигиттэн сүүрбэ сүүстээҕи ылан тураҕын, —

Сүөдэр суот икки туорааҕын тардан лас гыннарда.

— Оннук этэ дии, бадаҕа, Дьөгүөрдээн?

— Оннук, — диэтэ Дьөгүөрдээн, иһэн хаалбыт уоһун

нэһиилэ хамсатан. (Амма Аччыгыйа)

5. — Кимий? — диибин,  — Тугуй? — диибин.

                                                 125
   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130