Page 120 - Саха тыла 6 кылаас
P. 120
226. Ахсаан ааты булан, этии ханнык чилиэнэ буола-
рын быһаар.
Чүөчээски куртуйахха туһахтыыр этэ. Быйыл кыһын
уонча куртуйаҕы сиэппитэ. Кинини туһахха доҕоро На-
мыын оҕонньор үөрэппитэ. Намыын оҕонньор сааһа сүүс
уон үһэ. Оттон Чүөчээски аҥаардас уон үһэ. Оҕонньор
Чүөчээскиттэн оруобуна сүүс эрэ сылынан аҕа. Манан
кинилэр «биһиги саастыыбыт» дэһэллэр. Бу иһин олус
доҕордуулар. Сэһэннэрэ-сэппэннэрэ кимтэн да сүрдээх
буолар. Оҕонньор наар былыргыны кэпсиир — баай батта-
лын. Кэпсиир хайдах отутун туолуор диэри сирэ суох сыл-
дьыбытын…
(Суорун Омоллоон)
227. Ахсаан ааты сөпкө аах, ис хоһоонун өйдөө. Арааһын ый.
ТӨҺӨ УҺУН ҮЙЭЛЭЭХТЭРИЙ?
Бу күн анныгар үөскүүр тыынар тыыннаах араас уһун-
кылгас кэмҥэ олорон ааһар.
Урут киит уонна сулуон уһун үйэлээх диир этилэр.
Дьиҥэ, киит баара-суоҕа 50-ча, оттон сулуон 70-ча эрэ
сыл олорор эбит.
Көтөртөн уһун үйэлээх — суор. Суор ардыгар 140-гар
тиийэр. Мохсоҕол — 100-кэ, хотой — 80-ча, хаххан — 70-ча,
куурусса 20-чэ сыл олорор.
Сиэмэх кыыллартан хахай 30-гар эрэ тиийэр эбит.
Онно холоотоххо, эһэ үйэтэ уһун — 50-ча сыл. Бөрө — 15,
саһыл — 10—12, киис 15 сыл олорор.
Кэрбээччилэр үйэлэрэ балачча уһун. Тииҥ, куобах — 10,
андаатар — 4, күтэр, кутуйах 23 сылга тиийэр.
Дьиэ кыылларыттан саамай уһун үйэлээх — осёл, 50-ча
сааһыгар тиийэр. Сылгы уонна сибиинньэ — 20-чэ, ыт —
15—16, куоска 10—12 сылга тиийэр.
(Хаһыаттан)
120