Page 115 - Саха тыла 6 кылаас
P. 115

216. Ахсаан ааты туттан, өс хоһоонун аах. Суолтатын быһаар.

    1. Сүрэҕэ суох __ сүбэлээх. 2. Эрбэх үрдүгэр __ эргий-
бит. 3. __ тарбаҕыттан быстар курдук. 4. Киһи __ төрөөбөт.
5. __ мээрэйдээ, __ быс.

 217. Биир, икки, үс, сэттэ, тоҕус, отут, сүүс, о.д.а. ахсаан
         аат туттуллар сомоҕо домоҕун суруй. Суолтатын быһаар.
         Холобур: биир тыллаах, икки атахтаах, сэттэ сирэй.

         218. Ахсааны бэлиэтиир былыргы тыллары бул. Олор
                 суолталарын чуолкайдаа.

    1. — Сүүйүүнү аҕал, — диэн буолла. — Мөһөөҕү дуо?
Өссө сүүйэ түспэккин дуо? — Мөһөөҕү бүтүннүү ылан, бэйэ
киһитин алдьатар сатаммат. 2. — Тоҕус уон сүүһү билигин
ырааһынан ыл, уонун сарсыардааҥҥа диэри күүт. 3. Бу
дьоҥҥо уонча муунта бурдук сирэ биэдэмэскэ ыйылла
сылдьар. 4. Дьэбдьиэскэ Арамаан Дьөгүөрэптэн алта ар-
сыын сиидэһи атыылаһан, ырбаахы тиктэн, ыалга барбыт.
5. Амма өрүс мууһа турбутун, кыстык хаар түспүтүн кэн-
нэ Дьөгүөрдээннээх Боллоорутта Баһылайдаахха көһөн
тиийдилэр. Наһаа ыраах тэбилиннилэр, арааһа, көс баар.
6. Кинилэр сайылык балаҕаннара Амматтан биэс биэрэс-
тэ. 7. Киэлимэ күөлүн оннугар баар уон икки дэһээтинэ
сирбиттэн биэһин быйыл солкуобайдыы оттоон кулу.

                                                                           (Амма Аччыгыйа)

 219. Олоҥхоҕо көстөр былыргы кээмэй аатын уһул, суолта-
         тын чуолкайдаа.

    1. Сүүмэрдээн көрдөхпүнэ, сүөм намыһах, тура холоон
көрдөхпүнэ, тутум синньигэс эбиккин. 2. Тойон Дьаҕарыма
обургу үрүт өттүгэр үс тутум кур муус үллүктэннэ, алын
өттүгэр аҕыс илии хайыр муус дьаҥхаланна. 3. Аҕыс бы-
лас суһуохтаах Айталыын Куо диэн аҕастаах этим. 4. Үс

                                                                                                          115
   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120