Page 112 - Саха тыла 6 кылаас
P. 112

208. Ахсаан аат этиигэ туттуллуутун болҕой. Ахсаан
                 ааттары уһул, араастарын быһаар.

    1. Алтыска-сэттискэ үөрэнэр обургу уолаттар мас охто-
руутугар сылдьыбыппыт. Чугаспытынааҕы тииттэри охтор-
тоон баран, тэйиччи соҕус биэс-алта кэрдиллиэххэ айы-
лаах тииттэр бөлөхтөөн туралларыгар барбыппыт. Биир
тииттэн кукаакы көтөн тахсыбыта... Саба сырсан тиийэн
көрбүппүт — икки тиит икки ардыгар мутукка, сиртэн миэ-
тэрэ холобурдаах үрдүккэ, кукаакы уйата баара. Уйаҕа
төрдүөйэх күөхтүҥү сымыыт сытара. 2. Улахан оҕолор биир-
дии, оттон утум-ситим иккилии-үстүү чочунааҕы булуталаан
бардылар. 3. Тураахтар уонча мүнүүтэ кэриҥэ охсустулар.
4. Кэҕэ сүүрбэччэҕэ чугаһыыр сымыытыттан хайаан даҕаны
икки-үс сымыыты атын уйаҕа угара табыллар.

                                                                       (Иннокентий Сосин)

        Сахалыы этиигэ сыла бастыыр, ол кэнниттэн ыйа уонна күнэ кэлэр.
       Холобур: П.А. Ойуунускай 1893 сыллаахха сэтинньи 11 (хаһыс? —
       уон биирис) күнүгэр төрөөбүтэ.

 209. Ыйытыыларга хоруйдаа.

    1. П.А. Ойуунускай хаһан төрөөбүтэй, хаһан өлбүтэй?
(1893.11.11. — 1939.10.31.) 2. Серафим Романович Кулачи-
ков—Эллэй хаһан төрөөбүтэй, хаһан өлбүтэй? (1904.11.29.—
1976.12.14.) 3. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ суверенитеты хаһан
ылбытай? (1990.09.27.) 4. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт
сокуона хаһан ылыллыбытай? (1992.04.27.) 5. Эһиги ос-
куолаҕыт хаһан аһыллыбытай? 6. Эн хаһан төрөөбүккүнүй?

 210. Көппүт сиргэ бытархай ахсаан ааты сөпкө туруоран,
         этиини толору аах.

    1. Сэнтимиэтир диэн миэтэрэ __ ааттанар. 2. Сэнти-
ниэр диэн туонна __ буолар. 3. Алта мүнүүтэ чаас __ тэҥ.
4. Биир чаас суукка __ тэҥ. 5. Кыбаартал диэн сыл __.

112
   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117