Page 107 - Саха тыла 6 кылаас
P. 107
эрдэҕинэ бып-быыкаайык, мык-мыскычык, суп-суон эбитэ
үһү. Өссө эбиитин эттэххэ, туллук курдук туус маҥан эбитэ
үһү. 2. Кыһыҥҥы күннэр ааһаннар, сырдык-ыраас хал-
лааҥҥа аламай маҥан күммүт алаарыччы көрөн, сал-
гын сылаанньыйан, саргылаах Сайсары эбэ хонуутугар,
дьоллоох Дьокуускай туонатыгар, көрдөөх Көстүүнэй
иһигэр киһи-сүөһү элбээбит эбит, көр-нар көҕүлүттэн
тардыллыбыт, оонньуу-күлүү оройуттан аһыллыбыт. (Бы-
латыан Ойуунускай) 3. Хайа тэллэҕэр үүнэр хахыйахтар
көхтөөхтүк суугунаһаллар. Уһуктан эрэр сир чэбдик сыта
охсуллар. Олох кэрэтиэн! Эдэр саас кэрэтиэн!.. Таптал-
лаах доҕоттору кытта сылдьар кэрэтиэн! (Амма Аччыгыйа)
4. Үчүгэйиин! Дойдубар-сирбэр кэлэн буруо таһаардаҕым
эбээт. Буруо сыта минньигэһин! (Николай Лугинов)
202. Биир ордук дьүөрэ даҕааһыны талан уһул.
1. Нойоон, Чурум-Чурумчуку, (аар-ытык, улуу-дьаалы, улуу
тойон) ыраахтааҕыҥ алгыстаах тылын ылын! 2. Итинник
(кытаанах, бигэ-таҕа, көтүллүбэт) бирикээһи-сорудаҕы
биэрбит эбит ыраахтааҕы. 3. (Адьырҕа, сиэмэх, торҕон-
сырҕан) кыылларынан тоһуйтара ыыппытым. 4. Ону көрөөт,
кыыһырда (улуу тойон, суостаах-суодаллаах, улуу-дьаа-
лы) ыраахтааҕы: «Туох буолбут сымалаҕын, тоҕо миигин
булаҕын?» 5. (Бастыҥ мааны, чулуу мааны, абыраллаах)
таастарын Чупчуруйдаан тойонтон туура тутан ылбытын
(үлүскэннээх, үрдүүк-үрдүк, добун) үөрүүтүгэр, бардам-
баһаам махталыгар Чурумчуку барахсан тоҕус түүннээх
күнү быһа чуураан ыһыаҕы оҥорбут. (Эллэй)
203. Даҕааһыны ситэрэн уһул. Таба суруйуутун быһаар.
I. 1. Сайын... түүн кылгас. Киэһээ... им саҥардыы сүтэн
эрдэҕинэ тохтообуттара, чэйдиэхтэрин икки ардыгар сар-
сыардаа... им сырдаан тиийэн кэллэ. 2. Бэҕэһээ... үлүгэр
107