Page 105 - Саха тыла 6 кылаас
P. 105
— охсуулаах Чусовско´й, Дон-
сүһүөххэ баар -ой ско´й.
-ой сыһыарыы
уларыйбат
Даҕааһын олоҕо нууччалыы суруллар түбэлтэтигэр сир-
дойду (уобалас, оройуон, куорат, о.д.а.), дьон араспаанньата
ити үс быраабыланан суруллар. Холобур: Охотскай муора,
Тихэй акыйаан, Горькай, Курскай, Минскэй. Ол эрээри саха-
лыы көрүҥүнэн эмиэ суруйуохха сөп (Охуоскай муора, Чуумпу
байҕал, Москуба уобалаһа, ньиэмэс-фашист талабырдьытта-
ра, о.д.а.)
196. Олоҕо нууччалыы суруллар даҕааһыҥҥа сөптөөх
сыһыарыыны эп итиэннэ таба суруйуу быраабылатын
быһаар.
1. Убайым медицинск... институкка үөрэнэр. 2. Саха
сирин киэҥ иэнигэр үгүс геологическ... эспэдииссийэ
үлэлиир. 3. Байыастар фронтов... хаһыаты ааҕаллар.
4. Саха норуотун ньургун уолаттара немецк...-фашистск...
талабырдьыттары утары охсуһуу фроннарыгар командо-
вание бойобуой сорудахтарын килбиэннээхтик толорбут-
тара. 5. Кинилэр Сэбиэскэй Сойуус бары чулуу уолатта-
рын кытта гвардейск... знамя аннынан бииргэ сылдьан,
Ленинградск..., Калининск..., Московск..., Тульск..., Ор-
ловск..., Курск... уобаластар куораттарын уонна сэлиэн-
ньэлэрин өстөөхтөртөн босхолуур иһин дьоруойдуу кыр-
гыспыттара.
Ситимнээх саҥа
ТОЙОННООҺУННААХ ТИЭКИҺИ ОҤОРУУ
197. «Бастыҥ доҕорум» диэн тойоннооһуннаах тиэкистэ
оҥорон, бииргэ үөрэнэр оҕолоргор кэпсээ.
105