Page 102 - Саха тыла 6 кылаас
P. 102
гэс буолар. 3. Көбүөр оҥорорго (сылаас — сылытыллы-
быт) үүт наада. 4. Уопут оҥорорго (токур — токурутуллу-
бут) өстүөкүлэ туруупканы ылабыт.
II. 1. Дьиэ ааныгар (баайыылаах — баайыллыбыт) ыт
сытара. 2. Сэргэҕэ (ыҥыырдаах — ыҥыырдаммыт) ат
тоҥон чоҥкуйан турара. 3. Уйбаан оҕонньор (кыргыы-
лаах — кыргыллыбыт) баттаҕа харахпар бу баар.
190. Ханыыласпыт даҕааһыны аат тылы кытта сөпкө
ситимнээн уһул. Хос быһаарыы: ханыыласпыт да-
ҕааһыны кытта ситимнэһэр аат тыл биир ахсааҥҥа
турар.
1. Кыһыҥҥы-сайыҥҥы (кэм) салгыҥҥа сылдьар туһа-
лаах. 2. Ыалдьыттар ыраах-чугас (сир) кэлбиттэр. 3. Бы-
лыргы киһи үчүгэй-куһаҕан (үлэ) диэн талымастаабакка
үлэлиир-хамсыыр этэ.
191. Күһүҥҥү айылҕа туһунан ойуулааһын тиэкистэ суруй.
Дьүһүйүүгэ даҕааһын арааһын туһан.
20 §. Даҕааһын ааты таба суруйуу
Даҕааһын аат -ҥы уонна -ааҥҥы сыһыарыыларын таба
суруйуу.
Тыл олоҕо н дор±оонунан Тыл олоҕо аһаҕас
бμтэр буолла±ына, -²ы дорҕоонунан бүтэр
буоллаҕына, -ааҥҥы
сы´ыарыы эбиллэр сыһыарыы эбиллэр
Сайын — сайыҥҥы; Сарсыарда — сарсыар-
Кыһын — кыһыҥҥы; дааҥҥы;
Түүн — түүҥҥү. Киэһэ — киэһээҥҥи.
102 Бэҕэһээ – бэҕэһээҥҥи.