Page 98 - Саха тыла 6 кылаас
P. 98

2. Бүөтүр Тобуруокап — талыы-талба тылы-өһү имигэс-
тик имитэн, ылбаҕайдык ыпсаран, хайа да тоҥуй сүрэҕи
умсугутар-абылыыр ураты хомуһуннаах. Суруйааччы, о±о-
луу уйан-чараас дуу´алаах, ыраас-сырдык ыралаах киһи
буолан, хоһооннорун-ырыаларын оҕо аймах утаппыттыы
тартаран аа±ар.

    3. Иннокентий Сосин мэлдьи кэрэҕэ тала´ар. Кыыс
оҕо килбик мичээрэ, номо±он дьμ´μнэ, сылаас сы´ыа-
на бэйиэт төлөннөөх сμрэ±ин өрүкүтэн, хо´оон суруйарга
кынаттыыр. (Гаврил Торотоев)

         180. Олоҥхоҕо даҕааһын ааты хайдах тутталларын
                 өйдөөн көр.

    I. Күтүөт оҕобун Көрөн астыннаҕым... Тор курдук бы-
тыктаах, Томторҕолоох күөмэйдээх, Суо-хаан көрүҥнээх,
Суостаах дьүһүннээх, Бөдөҥ туруулаах, Бөҕө мөссүөннээх,
Быыра ох курдук Быһый быһыылаах, Көнө уҥуохтаах,
Көрсүө быһыылаах, Ыраас хааннаах, Ыччат оҕо эбит...
Аныгы оҕо диэтэххэ, Астык оҕо эбит. Ол эрээри Оҕо
киһи буолан, Быһыыта-таһаата Былыргы миигиттэн Сө-
мүйэбинэн холоотохпуна — Сүөм синньигэс, Тура холоо-
тохпуна — тутум намыһах быһыылаах... Ытык ыал Ычча-
та буолуон буолбут, Төрүт ыал Төрүөҕэ буолан Төрүөн
төрөөбүт, Туспа дойду Тойоно буолуон буолбут, Атын
алаас Аҕата буолан Аатырыан аатырбыт эбит, — диэн
Оҕонньор барахсан Оҕо киһини хайгыы олордоҕо...

                                                                 (Былатыан Ойуунускай)

    II. Кыйыра-кырылыы көтөр Кыһыл кумах кырдайдаах,
Алтан от анньан тахсыбыт Араҕас туой буор ардайдаах,
Үкэр күөх от үтүөхтээбит Үрүҥ туой буор үрүттээх,
Сыралҕан куйаас сыламнаабыт Сытар хайа сындыыс-
таах, Будулҕан туман оргуйбут Буор хайа модьоҕолоох,
Оллорута ойон тахсыбыт Очуос таас хайа оройдоох.

                                                                 (Былатыан Ойуунускай)

98
   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103