Page 94 - Саха тыла 6 кылаас
P. 94
172. Тиэкистэн даҕааһын ааттары бул, араас өттүттэн ыры-
тарга холон (хаачыстыба/сыһыан, төрүт/үөскээбит,
киирии, ааттыйбыт, даҕааһын ураты халыыптара).
Омук тылын уруогун мин сөбүлүүбүн. Билиҥҥи сай-
дыылаах кэмҥэ култуурунай киһи биир омук тылын би-
лиэхтээх диэн мин бигэ санаалаахпын.
Аангылыйа тыла биһиги оскуолабытыгар быйыл саҥа
киирбитэ, учуутала быйыл саҥа кэлбитэ. Людмила Сер-
геевна муус маҥан сирэйин ыас хара баттаҕа хаймыы-
лаан өссө маҥхатара. Кип-киэҥ, харалаабыт моонньоҕон
курдук хараҕар киһи бу диэн сатаан эппэт туох эрэ
түүрдүү баара. Кырыылаах көнө мунна, тэтэркэй чараас
уоһа, күөкэйбит моонньо, таҥаһа-саба барыта «Муода»
эбэтэр «Экран» сурунаалга элбэхтик бэчээттэнэр дьах-
таллар мэтириэттэрин санатара. Тиэтэйэн буолбакка,
бэйэтэ түргэн саҥалааҕа, нарын имигэс хамсаныылааҕа.
Олус эдэр, олус үчүгэй этэ. (Далан)
173. Күн, ый, ардах диэн тылларга сөптөөх быһаарыы-
лары бул. Холобур: хаар — ыраас хаар, сыа
хаар, кыстык хаар, кырса хаар, көмүрүө хаар,
тоҥуу хаар, куба хаар, хомурах хаар. Ити
быһаарыылартан хайата даҕааһын, хайата аат тыл
буоларын быһаар.
174. Тыл ситимнэриттэн этиитэ толкуйдаа. Холобур: чараас
муус – Күөл чараас мууһунан бүрүлүннэ.
Хараҥа түүн, үрдүк тиит, дириҥ күөл, күөх халлаан,
маҥан былаат, кэйиик оҕус, үүттээх ынах.
Саҥарар саҥаҕар даҕааһын эгэлгэ халыыбын туттар буол. Холо-
бур: маҥан — мап-маҥан, маҥан да маҥан, маҥантан маҥан,
маҥан баҕайы, олус маҥан, маҥаныын, маҥаныкайын, маҥанын
баҕаһын, маҥан соҕус, маҥанныҥы, муус маҥан, хаар маҥан, туус
маҥан.
94