Page 90 - Саха тыла 6 кылаас
P. 90
Ааттыйбыт даҕааһын
Даҕааһын аат сорох түбэлтэҕэ аат тыл суолтатыгар
туттуллар: кырдьаҕас, кыһыллар, үрүҥнэр, ыраах-
тааҕы, тыатааҕы (эһэ), бэлиэлээх (кырынаас), өстөөх,
муҥурдаах, о.д.а. Ааттыйбыт даҕааһын элбэх ахсаан
уонна тардыы сыһыарыытын ылынар, түһүгүнэн ула-
рыйар кыахтаах. Этиигэ туһаан, толоруу буолуон сөп.
Холобур:
Туһаан: Күүстээх (ким?) кыайыа.
Толоруу: Күүстээҕин (тугу?) көрдөрдө.
165. Этииттэн даҕааһыннары бул. Сөптөөх ыйытыыта
туруоран, этии ханнык чилиэнэ буоларын быһаар.
Холобур: Күүстээҕи (кими?) күүстээх (ким?) ба-
һыйар.
1. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. 2. Куһаҕантан киһи да
күлэр. 3. Үрүҥү хара диир киһи. 4. Көрсүө тыл бэлиэ.
5. Халлаан ыраах, сир киэҥ, далай дириҥ. 6. Күн курдук
көнө өйдөөх, ый курдук ыраас санаалаах. 7. Санаалаах
татыма, өйдөөх мөлтөҕө. 8. Куттас күлүгүттэн куттанар.
9. Оччугуй улааттын, көтөх уойдун.
166. Даҕааһын ааттар этии ханнык чилиэнэ буолалларын
быһаар, анал болдьох бэлиэлэри туһанан аннынан тарт.
Холобур: Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах баһар. Өс
хоһооннорун ааҕан баран, туох санааны этэллэрин
тойоннооҥ.
1. Уохтаах буору сиэмэ сөбүлүүр, үтүө киһини дьон сө-
бүлүүр. 2. Сэһэн сиэрдээх, олоҥхо олохтоох. 3. Кулгаах
ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр. 4. Муҥнаах булугас,
эрэйдээх этигэс. 5. Үчүгэй эмиэ доҕуһуоллаах, куһаҕан
90