Page 86 - Саха тыла 6 кылаас
P. 86

Хаачыстыба даҕааһына маннык сүрүн уратылаах:
            — күүһүрдэр эбиискэ (хап-хара, сабыс-саҥа)
       эбиллиэн сөп;
            — иннигэр күүһүрдэр тыллаах (олус улахан, на-
       һаа үчүгэй) буолуон сөп.
           Сыһыан даҕааһына барамай тулалыыр эйгэҕэ,
       кэмҥэ, барамайга туох сыһыаннааҕын бэлиэтиир.
           Сыһыан даҕааһына маннык сүрүн уратылаах:
            — мэлдьи атын аат тылтан, сыһыаттан анал сы-
       һыарыы (-тааҕы, -ҥы, -лаах) көмөтүнэн үөскүүр, хо-
       лобур: ойуур-дааҕы, сайыҥ-ҥы, доҕор-доох;
            — күүһүрдэр эбиискэ сыстыбат (оп-ойуурдааҕы,
       сап-сайыҥҥы, доп-доҕордоох дэммэт).

 158. Хаачыстыба даҕааһыныгар уонна сыһыан даҕааһыныгар
         биэстии холобуру бул.

                         Ситимнээх саҥа

                                      ТОЙОННООҺУН

           Туох эмэ санаа сөбүн-сыыһатын дакаастыыр тиэ-
       кис тойоннооһун диэн ааттанар. Тойоннооһун хан-
       нык баҕарар кэпсэтиигэ, суруйууга киириэн сөп.

           Тойоннооһун маннык тутуллаах буолар:
           1. Тиэсис (дакаастанар сүрүн санаа).
           2. Дакаастабыл: холобур, сыыппара, атын киһи этии-
       тэ, бэйэ санаата, о.д.а.
           3. Түмүк этии (санаа).

86
   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91