Page 83 - Саха тыла 6 кылаас
P. 83

II. Састаабынан ырытыы:
    Хоһооннор, суруйааччыбар, айанньыкка, айылҕатын,
толорууттан.

         150. Түһүк бэрээдэгин тутуһан, куоскам диэн тылы
                 уларытыҥ.

 151. Тардыы, элбэх ахсаан халыыптара туох соруктаах тут-
         туллубуттарын толкуйдааҥ.

    1. Ырыа-тойук тыкаарам, ыллыах-туойуох, гитарам! Тох-
тор көмүс дорҕоонум, тоҕо бу мин тохтоотум!? (Былатыан
Ойуунускай) 2. Онно тыаллар тыаны тыаһаталлар, мастары
этиҥнэр дарбыйаллар. Чаҕылҕаннар түүнү сырдаталлар,
күн тахсыыта чыычаахтар ыллыыллар. (Эллэй) 3. Ааҕаммын,
айхаллыыр дьоллордоох-тускуга уһуйан үөрэппит учуутал
убайбар... (Амма Аччыгыйа) 4. Бурхалейдар булчут ыт курдук
сундулустулар. (Эрилик Эристиин)

         152. Уруу тиэрминин этиҥ. Биир үөрэнээччи тардыы-
                 лаах ситими ааҕар, атын оҕолор хоруйдаан иһэллэр.
                 Холобур: ийэм ийэтэ — эбэ.

    Аҕам аҕата — ..., ийэм биитэ/убайа — ..., бырааттыы-
лар кэргэннэрэ, эбэм ийэтэ — ..., аҕам аҕатын аҕатын
аҕата — ..., биим/быраатым балта — ..., аҕам инитэ — ...

 153. «Ыһыах» эбэтэр «Бэтэрээннэр» диэн тиэмэҕэ хаартыс-
         канан кэпсээннэ суруйуҥ. Аат тыл арааһын туһаныҥ,
         түһүгүн, ахсаанын, тардыы халыыбын сөпкө туттуҥ.

                                                                                                            83
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88