Page 84 - Саха тыла 6 кылаас
P. 84
ДАҔААҺЫН ААТ
15 §. Даҕааһын аат суолтата
Барамай эбэтэр көстүү бэлиэтин көрдөрөр тылы
даҕааһын аат дэнэр. Даҕааһын аат х а й д а х ? х а н -
нык? хайа? ханнааҕы? хаһааҥҥы? туох-
т а а х ? ыйытыыларга хоруйдуур.
Холобур:
Бүгүн хайдах күнүй? — Тымныы күн.
Ханнык өҥү сөбүлүүгүнүй? — Маҥан өҥү.
Хайа уолу этэҕиний? — Бөдөҥ уолу.
Ханнааҕы оскуоланы бүтэрбиккиний? — Бүлүү-
тээҕи орто оскуоланы.
Бу хаһааҥҥы килиэбий? — Бэҕэһээҥҥи килиэп.
Ол туохтаах киһиний? — Массыыналаах киһи.
154. Хайдах? ханнык? хайа? ханнааҕы? хаһааҥҥы?
туохтаах? ыйытыылары туһанан, сэргэстэһэ оло-
рор оҕоҕун кытта араас тиэмэҕэ сэһэргэһиитэ (диа-
лог) толкуйдааҥ.
155. Киһи майгытын-сигилитин бэлиэтиир даҕааһыннары аах.
Билбэт тылларгын дьоҥҥуттан ыйыталас. Бу тыллары
быһааран суруй. Онно «Саха тылын быһаарыылаах ула-
хан тылдьытын» туһан.
Бүгүрү, хоһуун, улгум, элэккэй, сайаҕас, сайдам, дьэл-
лэм, номоҕон, намыын, сэргэх, чобуо, көрсүө, сэмэй,
иһирэх, истиҥ, ис киирбэх, күтүр, дьалбаа, өһөс, хоргус,
бардам, ыгым, чычырбас, көҥөс, албын-түөкэй.
84