Page 85 - Саха тыла 6 кылаас
P. 85
156. Киһи майгытын-сигилитин бэлиэтиир сомоҕо домохто-
ру аах. Бу сомоҕо домохтор ис хоһооннорун быһаарарга
холон. Онно «Сомоҕо домох сахалыы-нууччалыы тыл-
дьытын» туһан.
Сирэй көрбөх, сытар ынаҕы туруорбат, эрбэҕин үр-
дүгэр эргитэр, икки сирэй, күөх көппө, кыһыл тылынан
кыырар, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, уу диэбитэ
хаар, хаар диэбитэ уу, тыла мүөттээх.
157. Сылгы өҥүн-дьүһүнүн бэлиэтиир буулур, сур, кү-
рэҥ, тураҕас, хоҥор, чуоҕур, кэрэ, саалыр, көгөччөр,
элэмэс, ала, чуккулаах даҕааһыннар суолталарын
билсиҥ. Ол кэнниттэн араас өҥнөөх-дьүһүннээх сыл-
гылары уруһуйдааҥ эбэтэр хаартыскаларын булуҥ,
уруһуй эбэтэр хаартыска анныгар туһааннаах тыл-
лары суруйуҥ.
16 §. Даҕааһын аат арааһа
Даҕааһын аат суолтатынан икки араастаах: хаачыс-
тыба даҕааһына уонна сыһыан даҕааһына.
Хаачыстыба даҕааһына барамай хаачыстыбатын
бэлиэтиир, онно киирэр:
— хаачыстыбата (саҥа, эргэ, үчүгэй);
— тас быһыыта (төгүрүк, ньолбоҕор, халыҥ);
— кээмэйэ (улахан, орто, кыра);
— өҥө (хара, саһархай, кыһыл);
— харамай дьүһүнэ (эриэн, ала, саадьаҕай);
— киһи майгытын уратыта (эйэҕэс, атаах, өһөс);
— киһи ураты хаачыстыбата (оҕомсох, этиһиик,
өмүрэх), о.д.а.
85