Page 89 - Саха тыла 6 кылаас
P. 89
17 §. Төрүт уонна үөскээбит
даҕааһыннар
Тыл олоҕо тутулунан икки араастаах: төрүт уон-
на үөскээбит. Төрүт олох тыл төрдө буолар, бастакы
суолтаны илдьэ сылдьар (кыһыл — түүрд. кызыл, хара
— алт. кара). Үөскээбит олох иккис саҥа суолта-
ны үөскэтэр, тыл састаабынан кэрчиктэнэр кыахтаах
(оҕо-мсох, кэй-иик, саас-кы, былыр-гы, ойуу-лаах).
163. Төрүт уонна үөскээбит даҕааһыннарга биэстии холобуру
бул.
Даҕааһын аат этиигэ оруола
Даҕааһын аат этиигэ быһаарыы уонна кэпсиирэ
буолуон сөп.
1) Даҕааһын аат быһаарыы буолар. Холобур: күүс-
тээх киһи, күүстээх киһиттэн, күүстээх дьон. Даҕааһын
аат бэйэтэ быһаарар тыллаах буолуон сөп: олус
күүстээх уол, ураты интэриэһинэй кинигэ.
2) Даҕааһын аат этиигэ кэпсиирэ буоллаҕына, кэп-
сиирэ сыһыарыытын ылынар. Холобур: Эн күүстээххин,
биһиги эмиэ күүстээхпит.
164. Даҕааһыннары булан этии чилиэнинэн ырыт.
1. Киэҥ иһит кэһиэхтээх, улахан кытыйа салааһыннаах.
2. Күөс үллэрэ үчүгэй. 3. Ыал аһылыга ордук минньигэс.
4. Өрүс мэлдьи уорааннаах.
89