Page 93 - Саха тыла 6 кылаас
P. 93
170. Бэриллибит сыһыарыылары туһанан, даҕааһыннары үөс-
кэтиҥ. Үөскээбит даҕааһыннарга сөп түбэһэр тыллары
булан, тыл ситимнэрин оҥоруҥ.
1. Оҕо, ойуур, уруу, хоту, саас аат тылларга -лаах,
-тааҕы, -мсах, -гы, -кы сыһыарыыны эбиҥ.
2. Быс, ыл, күл, кыыһыр, ырбай, ньылаҥнаа, чарылаа
туохтуурдарга -аҕас, -ыгас, -ыык, -ымтаҕай, -ҕар, -с
сыһыарыылары эбиҥ.
171. Үгүстүк туттуллар сыһыарыыларга 3-түү үөскээбит
даҕааһын ааты холобурдаа.
-лаах: хаардаах, ...
-тааҕы: дьиэтээҕи, ...
-ҥы: былырыыҥҥы, ...
-ыык: кэйиик, ...
-ҕар: хантаҕар, ...
-с: бааҕынас, ...
Даҕааһын ураты халыыптара
Ханыыласпыт даҕааһыннар: уйгу-быйаҥ, үрүҥ-хара, на-
мыын-намчы, уоттаах-төлөннөөх, көрдөөх-нардаах, бөҕө-
таҕа.
Күүһүрдэр эбиискэлээх даҕааһыннар: мап-маҥан, кып-
кыра, кип-киэҥ, тэбис-тэҥ, хабыс-хараҥа, тыбыс-тым-
ныы, тобус-толору.
Хатыланар олохтоох даҕааһыннар: нарыын-нарын, күн-
дүттэн күндү, кэрэ да кэрэ.
Аттарыы халыыптаах даҕааһыннар: чох хара, туус ма-
ҥан, уот кыһыл, үчүгэй баҕайы, кыра соҕус.
Иһирэхситэр, күүркэтэр сыһыарыылаах даҕааһыннар:
-тай: сайаҕастай; -кээн: эдэркээн; -кэн: үтүөкэн; -лаахай:
маанылаахай; -тыын: кыратыын; -тиэн: кэрэтиэн; -иэн:
үчүгэйиэн; -иин: минньигэһиин.
93