Page 96 - Саха тыла 6 кылаас
P. 96

178. Икки тойонноон көрүүнү аах, хайата ордук дии санаа-
         тыҥ? Тиэсис киһи итэҕэйэр гына дакаастаммыт дуо?

                                            I

    Киһи сиргэ биирдэ олорон ааһар. Ону сатаан олор-
бокко дьон үйэлэрин бэйэлэрэ кылгаталлар.

    Табан сылдьар киһи 100—115 сыл олоруо эбит. Он-
нук олорбут дьон баар буола сылдьыбыттара. Кинилэр
илии үлэтинэн дьарыктаналлара, кэмигэр аһаан, кэмигэр
утуйан сылдьаллара. Арыгыны испэттэрэ, табаҕы тарды-
баттара.

    Арыгы дьаатыгар, табах дьаарыгар ылларбыт киһи оло-
ҕун 30—40 сыл сарбынар, онтон эрдэ наркоман буолбут
оҕо, уопсастыбаҕа туох да туһаны оҥоро илигинэ, 20—30
сааһын туолбакка сылдьан эрэй бөҕөнү көрөн өлөр.

    Нуорманы таһынан аһаатахха, куртах-оһоҕос, тымыр-
сүһүөх ыарыыта үөскүүр, киһи үйэтэ кылгыыр. «Киһи аһаа-
ры олорбот, киһи олороору аһыыр» диэн бэрт судургу
гынан баран, олус мындыр этии баар.

    Оннооҕор доҕору-атаһы кытта кыыһырсыы, урууну-ай-
маҕы кытта этиһии доруобуйаны кэбирэтэр. Киһи үйэтэ
онтон эмиэ сарбыллар.

    Эн төһө уһуннук, дьоллоохтук олороруҥ бэйэҕиттэн ту-
тулуктаах.

                                                                                   (Хаһыаттан)

                                            II

    Доруобай олох киһи үйэтин уһатар. Табаҕы тардыбак-
ка, арыгыны испэккэ, наркотигы боруобалаабакка олор-
доххо, киһи төһө баҕарар, 100—150 да сыл олоруон сөп.
Табаҕы айаххар угуоҥ иннинэ никотин киһи мэйиитигэр
7 сөкүүндэ иһигэр тиийэрин өйдүөххэ наада. Оттон аһара
аһыыр диэн эмиэ доруобуйа өстөөҕө.

    Дьоннор, доруобуйаҕытын харыстааҥ!

96
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101