Page 100 - Саха тыла 6 кылаас
P. 100
ахтабын. Эн солко нуоҕай чараҥҥын, күөх көбүөр кы-
рыскын, (сөрүүн, тымныы) сүөгэй салгыҥҥын. Олус да
таптыыбын ээ, эн маннык чуумпу, сэмэй киэһэлэргин!
(Далан)
184. Тиэкиһи аах. Маннык майгыннаһар суолталаах
даҕааһыннары булан кэпсээ.
ҮРҮҤ ДУУ, МАҤАН ДУУ?
Үрүҥ уонна маҥан диэн тыл үгүс түбэлтэҕэ суолтата
биир. Холобур, үрүҥ таҥас, маҥан таҥас. Унаар маҥан
күн уҥа түннүктэн уларыйан эрдэҕинэ уһугунна. (Алек-
сей Кулаковскай) Үгүстүк таптанар үрүҥ күн үрдүк күөх
хайаҕа тимирдэ. (Күннүк Уурастыырап)
Ол эрээри үрүҥ диэн тыл суолтатыгар маҥан диэн
арыт туттуллубат. Холобур, мап-маҥан куобаҕы үп-үрүҥ
куобах диир сатаммат. Маҥан аты үрүҥ ат диир олуона.
Үүттэн оҥоһуллубут аһы үрүҥ ас дииллэр, маҥан ас диэ-
бэттэр. Үрүҥ эһэни маҥан эһэ диэбит суох.
Онон маҥан уонна үрүҥ диэн тыл, төһө да биир суол-
талааҕын иһин, тус-туспатык туттуллара үгүс.
Ардыгар үрүҥ, маҥан өҥү көрдөрбөт, үчүгэй, сырдык,
мааны диэн көспүт суолтаҕа туттуллар. Олоҥхоҕо үтүө,
сырдык тыыммын өрүһүй диир оннугар үрүҥ тыыммын
өрүһүй диэн буолар.
Күҥҥэ хаста эмэтэ туттар үрүҥ уонна маҥан диэн
биир суолталаах тылларбыт мээнэ солбуспат эбиттэр.
Ити тыл баайын биир туоһута буолар. (В. Ксенофонтов)
185. Утарыта суолталаах даҕааһын ааттары бул. Даҕааһын
аат элбэх суолталаныытын туһунан санааҕын эт. Холо-
бур: аһаҕас эттээх — бүтэй эттээх.
Аһаҕас: аһаҕас куоластааһын, аһаҕас дорҕоон, аһаҕас
аан (сабыылаах, бүтэй, кистэлэҥ).
100