Page 104 - Саха тыла 6 кылаас
P. 104
194. Иннинээҕи табылыысса матырыйаалыгар тирэҕирэн,
этиилэри сөпкө уһул.
1. Таһырдьа тахсаат, сирэйэ кубарыйа өлөн, (алла-
ра, аллараа) сыҥааҕа титирээн, төттөрү ойон киирдэ.
2. Куһаҕан (киэһээ, киэһэ) буолла. 3. Даарыйа эмээхсин
ол (киэһэ, киэһээ) тугу да кэпсээбэтэ. 4. Лэглээрин (үөһэ,
үөһээ) мэндиэмэҥҥэ тахсар. 5. Сотору-сотору (аллара,
аллараа) уоһун хам ытырбахтаан ылар. (Амма Аччыгыйа)
Киирии даҕааһын
Саха тылыгар нуучча тылыттан киирбит элбэх даҕааһын
баар, холобур: интэриэһинэй, доруобай, сиэдэрэй, чиэһинэй,
эриэккэс, о.д.а.
Киирии даҕааһын дорҕооно саха тылын сокуонугар бүтүннүү
бас бэринэр: грубый — куруубай, главный — кылаабынай, кра-
сивый — кырасыабай.
195. Бу тыллары сахатытан суруй:
Мудрый — ..., свежий — ..., простой — ..., разный — ...,
общий — ..., частный — ..., весёлый — ..., хитрый — ...,
активный — ... .
Нууччалыы суруллар даҕааһын ааты таба суруйуу
Да±аа´ын оло±ор Маннык сы´ыа- Холобур
рыы суруллар
— биир эмэ кэлин олимпийскай, де-
а´а±ас дор±оон -ай фектологическай.
баар буоллаҕына
— барыта илин медицинскэй,
аһаҕас дорҕоон -эй физическэй.
буоллаҕына
104