Page 106 - Саха тыла 6 кылаас
P. 106
198. Көрбүт киинэҥ дуу, аахпыт кинигэҥ дуу туһунан то-
йоннооһун тиэкиһин суруй. Бастаан тиэсиһин толкуй-
даа. Дакаастабыла хас да буоларыгар кыһан. Ордук
туохха болҕомтону уураргын толкуйдаа. Суруйууҥ кэ-
рэхсэбиллээх буоллун.
Хатылааһын
199. Даҕааһын аат этиигэ туттуллуутун болҕой. Даҕаа-
һыннары уһул. Ханнык халыыпка туралларын бы-
һаар.
1. Бөлүүн туллук хаара диэн бэрт көпсөркөй, чэпчэ-
ки баҕайы хаар түспүт. 2. Салгын ырааһа, чэбдигэ, үчү-
гэйэ бэрт. 3. Иэйэхсит хотун олус аһыныгас, амарах,
айылҕаны, кэрэни, үчүгэйи кэрэхсиир санааны биэрэр.
4. Кини чэбэр, ыраас, кэрэ дьүһүннээх дьахтар. 5. Ойуур
салгына ып-ыраас, халлаана күп-күөх. 6. Хаар билигин
даҕаны топ-тордурҕас, хаачырҕас. 7. Эйигин сааскы чэб-
дик тыал сайа охсор, күлүмүрдэс күн уота кууһа түһэр.
8. Сааскы сарсыарда эрдэ туран, чугастааҕы алаастар-
бын кэрийэн, күүлэйдии сылдьабын. 9. Сарсыардааҥҥы
салгын ырааһа, көтөр-сүүрэр саҥата, ырыата-тойуга
эрдэ турбуккун кэмсиннэрбэт. 10. Сааскы кэм — самны-
бат саргылаах, сайдам, сайаҕас кэм. (Иннокентий Сосин)
200. Даҕааһын аат этиигэ ханнык чилиэн буолбутун
ыйытыы туруоран быһаар.
1. Саҥа доҕордооҕор эргэ доҕор эрэллээх. 2. Тыла
мүөттээх, сүрэҕэ муустаах. 3. Салаҥ сабы барыыр.
201. Этиилэртэн даҕааһыннары бул. Даҕааһын аат ханнык
араастара уонна ньымалара туттуллубутун быһаар.
1. Бытыа Баһылай, киһи саныы-саныы таптыах, көр, оҕо
106