Page 110 - Саха тыла 6 кылаас
P. 110

АХСААН ААТ

             21 §. Ахсаан аат суолтата

           Барамай ахсаанын уонна чыыһыланы бэлиэтиир
       тылы ахсаан аат дэнэр. Ахсаан аат хас? төһө? хаһыс?
       диэн ыйытыыларга хоруйдуур. Холобур: Үс (хас?) күн
       ааста. Кэлбитим үһүс (хаһыс?) күнэ.

           Түүр тылларыгар ахсаан ааттар атылыылар, холо-
       бур:

           сахалыы: биир, икки, үс, түөрт, биэс, алта, сэттэ,
       аҕыс, тоҕус, уон;

           түркүмүөннүү: биир, ики, үч, дөөрт, бээш, алты,
       еди, сэкиз, докуз, оон. Ахсаан аат түһүгүнэн ула-
       рыйар: үс, үстэ, үскэ, үһү, үһүнэн, үстэн, үстүүн,
       үстээҕэр. Уустук ахсаан аат бүтэһик эрэ тыла ула-
       рыйар: уон үс, уон үскэ, уон үһүнэн.

           Ахсаан аат аат тыл оннугар туттуллуон сөп: Үс чаас
       буолла (ахсаан аат). — Үс буолла (аат тыл). Ааттый-
       быт ахсаан аакка тардыы уонна кэпсиирэ сыһыарыыта
       сыстыан сөп. Холобур: Мин уон үс саастаахпын. —
       Мин уон үстээхпин.

           Ахсаан аат этиигэ бэйэтин суолтатыгар туттуллун-
       наҕына, быһаарыы уонна кэпсиирэ буолар:

           Мин алтыс (хаһыс?) кылааска үөрэнэбин. Мин
       сааһым уон икким (хаһый?).

           Оттон ааттыйбыт ахсаан аат этиигэ туһаан, толо-
       руу, сиһилии буолуон сөп:

           Алта (хас?) буолла. Мин биэһи (тугу?) ыллым. Мин
       биэскэ (хаһан?) кэлиэм.

110
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115