Page 114 - Саха тыла 6 кылаас
P. 114

Үс үүттээх үтүрүм,    Аҕыс аҕам ынах,
     Түөрт үчүгэй төрүөх,  Тоҕус лоҥкур торбос,
     Биэс миинэр миҥэ,     Уон улахан оҕус.

         213. Аат тылы сөпкө уларытан, этиини уһул.

    1. Балаҕан ыйын 16—20 (күн) биһиги оскуолабыт «Ту-
ругурдун кинигэ!» диэн тэрээһини ыытта. 2. Дьокуускайга
Туймаада ыһыаҕа бэс ыйын 25—26 (күн) буолар. 3. Дьом-
мут 5—6 (хонук) кэлиэхтэрэ. 4. Кэлиҥҥи 2—3 (сыл) от
кыайан үүммэтэ. 5. Таня куруук «4—5» (сыана) үөрэнэр.
6. Бүгүн 6—7 (кылаас) төрөппүт мунньаҕа буолар.

         214. Ахсаан аат этиигэ туттуллуутун болҕой. Ахсаан
                 аат ханыыластаҕына, туох суолталанарый? Тус са-
                 нааҕын эт.

    1. Сыллай Луха — ыҥырыыга сылдьар, улахан үөрүүнэн
көстөр уон алталаах-сэттэлээх бэдик. 2. Иирэ талах кур-
дук имигэс, уон түөрдэ-биэһэ буолбут, кэрэ-нарын дьү-
һүннээх Даайыс кыыс. 3. Сотору уон биэстээх-алталаах,
хайаларыттан да үрдүк уҥуохтаах кыыс кэлэн, кими да
кытта сүбэлэспэккэ эрэ, оонньуу тэрийбитинэн барда.

                                                                           (Амма Аччыгыйа)

         215. Этиилэри аах. Эн санааҕар, ускуопка иһигэр баар
                 икки барыйаантан хайата ордук табыгастааҕый?
                 Тоҕо?

    1. Мин 1982 (сылга — сыллаахха) төрөөбүтүм. 2. Бу-
руйу оҥоруу быйыл биэс (бырыһыан — бырыһыанынан)
улааппыт. 3. Нэһилиэккэ сүөһү ахсаана икки (төгүл —
төгүлүнэн) аҕыйаата. 4. Өлүөнэ — аан дойду (биир саа-
май улахан өрүһэ — саамай улахан өрүстэриттэн биир-
дэстэрэ.)

114
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119