Page 119 - Саха тыла 6 кылаас
P. 119
тыыбыт-ахтабыт, кыһын хаһан сайын буолан алааспыт
кырдалынан сүүрэрбитин кэтэһэбит. Бу чараҥҥа Семён
Андреевич сөбүлээн сынньанара, кинигэ ааҕара үһү.
(Р. Жирков, «Кэскил» хаһыаттан)
Хатылааһын
225. Аах. Сорудаҕы толор.
— Мин Сибииргэ партизанскай этэрээт хамандыыра
этим. Биирдэ ардахтаах, силбик күһүн Семёнов полков-
ник икки сүүс киһилэнэн Хатыҥнаах дэриэбинэтигэр
куораттан тахсан хоно сытарын билбиппит. Хатыҥнаах
дэриэбинэтэ биир да хатыҥа суох халдьаайы анныгар
олорор, биэс уонча ыаллаах, икки көбүс-көнө уулусса-
лаах дэриэбинэ… Кирилловы отут биэс киһилээн дэриэ-
бинэ илин кырыытыгар киирэргэ бирикээстээн баран,
мин сүүрбэ киһилээх, куоракка киирэр суолга тоһуйа,
халдьаайы быарыгар сыппытым…
Сүүсчэкэ аттаах биэлэй биһиги диэки тоҕо солоон
иһэрэ көһүннэ… Икки аттаах киһи суол устун бүлүмүөтү
уун-утары ыстаннардылар. Иккис аттаах киһи бүлүмүөтү
үрдүнэн ойутуох курдук гынан эрдэҕинэ, ата төбөтүн
оройунан умса хойуостанна, киһи саабылата килбэйби-
тинэн Петя үрдүгэр ойон кэбистэ. Петя уонна киһи куус-
туспутунан окко үҥкүрүҥнэстилэр, иккитэ бэстилиэт
тыаһаата. Икки партизан ыстанан тиийэн үрдүлэригэр
түстүлэр.
(Амма Аччыгыйа)
1. Ахсаан ааты бул. Төһө, кэрискэ, барыллааһын ахсаан
ааты ый.
2. Судургу уонна уустук ахсаан ааты ый.
3. Ахсаан аат ситимнэһэр тылын болҕой, аат тыл ханнык
ахсааҥҥа турарын эт.
119