Page 124 - Саха тыла 6 кылаас
P. 124

СОЛБУЙАР ААТ

          23 §. Солбуйар аат суолтата

           Аат саҥа чааһын (аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан
       аат) оннугар туттуллар саҥа чааһа солбуйар аат
       дэнэр. Солбуйар аат чопчу биир өйдөбүлэ суох, хайа
       тылы солбуйарыттан тутулуктанан, суолтата улары-
       йан иһэр.

           Солбуйар аат этии ханнык баҕарар чилиэнэ буо-
       луон сөп. Холобур:

           — туһаан: Кини үчүгэй үлэҕэ киирбит. Ким? —
               Кини.

           — кэпсиирэ: Бу кинигэ миэнэ. Кимиэнэй? — Миэнэ.
           — быһаарыы: Маннык өҥү сөбүлээбэппин. Хай-

               дах? Маннык.
           — толоруу: Эйиэхэ кэпсиим. Кимиэхэ? — Эйиэхэ.
           — сиһилии: Кини оччолорго уоннаах уол этэ. Хаһан?

               Оччолорго.

                             Солбуйар аат арааһа

     · Сирэй солбуйар аат: мин, эн, кини, биһиги, эһиги, ки-
        нилэр

     · Тардыылаах солбуйар аат: миэнэ, эйиэнэ, киниэнэ,
        биһиэнэ, эһиэнэ, кинилэр киэнэ, миэннэрэ, эйиэннэрэ,
        киниэннэрэ, биһиэннэрэ, эһиэннэрэ, кинилэр киэннэрэ.

     · Бэйэни солбуйар аат: бэйэм, бэйэҥ, бэйэтэ, бэйэбит,
        бэйэҕит, бэйэлэрэ.

     · Ыйар солбуйар аат: бу, ити, ол, субу, сити, оол, били.
     · Ыйытар солбуйар аат: Ким? Туох? Ханнык? Хайдах?

        Ханнааҕы? Хас? Хаһыс? Төһө?
     · Быһаарыылаах солбуйар аат: маннык, оннук, итинник,

        бачча, оччо, итиччэ.

124
   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129