Page 121 - Саха тыла 6 кылаас
P. 121
228. Ахсаан ааттаах тыл ситимнэрин тэнитэн уһул. Ахсаан
ааты таба суруй. Холобур: 1921 сыллаахха — тыһыынча
тоҕус сүүс сүүрбэ биир сыллаахха.
Фёдор Кузьмич Попов 1921 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас
оройуонугар Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии ин-
нигэр холкуоһугар хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыта. 61-с аармыйа
81-с стрелковай дивизиятын 467-с пуолкатын 3-с ротаты-
гар сулууспалаабыта. Ньиэмэс талабырдьыттарын утары
харса суох охсуһа сылдьан, кыргыһыы толоонугар дьо-
руойдуу охтубута. 1943 сыллаахха алтынньы 3 күнүгэр
Днепр өрүһү туорааһыҥҥа уһулуччу хорсун быһыыны
көрдөрбүтүн иһин киниэхэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун
үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Ахсаан ааттан төрүттээх тыл ардыгар атын саҥа чааһа
буолар:
— даҕааһын аат: сэттэлээх оҕо, уоннаах харчы;
— сыһыат: биирдэ, бииргэ, биир-биир, иккиһин, үсү-
һүн, биирдии-биирдии;
— туохтуур: иккистээ, үһүстээ;
— ситим тыл: эһэ икки саһыл икки;
— кыбытык тыл: иккиһинэн, үсүһүнэн.
229. Кэрчиги аах. Икки диэн тылы болҕой. Бу тыл
туох суолтаҕа туттуллубутун быһаар.
Икки атах чөмчөкөтүн түгэҕэр, уобарастаан эттэххэ,
Айыы икки Абааһы икки тэҥҥэ уйаланар, ким улуута-
сидьиҥэ, ким үтүөтэ-нэгэйэ ити икки сүдү күүс күрсэн-
күрдьүөтэһэн, харсан-хабырыйсан хайата баһыйарыттан,
хайата кыайарыттан тутулуктаах. Мөкү өрүт ардыгар дьү-
һүн кубулуйан, үтүөттэн үтүөлэрэ курдук күлүмүрдээн
көстүө, оттон барбах-саарбах соҕус диэбиппит, ис-иһигэр
121