Page 117 - Саха тыла 6 кылаас
P. 117

тыаһа сүр, биир кэм топ-тобурҕас. Куобахтар иннибиттэн
туран бараллар. Балачча хаампахтаан баран, букатын ма-
лыйан, санаам түһэ быһыытыйан иһэбин.

    «Дьэ бээ, сылыйа түстүн, хата, манна сынньанан та-
бахтыахха», — дии санаан, сыгынах үрдүгэр олоро биэ-
рэбин. Ол олорон иһиттэхпинэ, ханна эрэ ыраах туох эрэ
үрэргэ дылы. Саһыл үрэр эбит! Уһуннук толкуйдуу барба-
тым, саҥа хоту тэбинэн кэбистим.

    Өр гымматым, Боотос тумулугар чугаһаан кэллим. Арай
иннибэр, сыыр быарыгар, туох эрэ харааран көстөр, ор-
тотугар эмиэ даҕаны маҥаннаахха дылы. Харахпын сотто-
сотто көрөбүн. Хара улар кутуругар маарынныыр. «Хайдах
итиннэ сыппыт бэйэтэй?» диэн мунаара саныы-саныы, саа-
бын туппутунан чугаһаан кэллим. Сүүнэ баҕайы аҥаалык
улар саһыл хороонугар киирэн иһэн, баппакка иҥнэн хаал-
быт. Туох буолан хорооҥҥо симиллэ сатаатаҕай? Кутуру-
гуттан сулбу тардан ыллым. Дьэ, улар да улар диэтэҕиҥ!
Үйэм тухары маннык улахан, маннык эмис уларга түбэһэ
илигим.

    Улар отонноон сии сылдьан, куобах туһаҕар иҥнибит.
Оттон саһыл халлаан саҥа сырдыыта хороонугар төннөн
испит. Ол иһэн туһахха иҥнибит уларга түбэспит. Мин
саһыл кинини үрбүт саҥатын истибиппин. Саһыл улары
төбөтүн хампы ыстаабыт. Онтон мин чугаһаан иһэрбин
билэн, саһыл улары моонньуттан соспутунан хороонугар
куоппут... Улара хорооҥҥо баппакка, иҥнэн хаалбыт, от-
тон саһыл иһирдьэ хаайтарбыт.

    Мин хороону хаһан тиҥиргэтэбин. Дьолбор, хороон
соччо дириҥэ суох эбит. Сотору кутуругуттан сулбу тар-
дан таһаарабын. Бэртээхэй диэн кыһыл саһыл эбит. Дьэ
сити курдук бэркэ бултуйан турардаахпын.

                                                                      (Иннокентий Сосин)

                                                                                                          117
   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122