Page 122 - Саха тыла 6 кылаас
P. 122

киирдэххэ, дьиҥ чахчы аанньал буолуо. Ити курдук, киһи
диэн улуу таабырын, киһи диэн бүппэт сэһэн.

                                                                         (Гаврил Торотоев)

         230. Бэлиэтэммит тылга ыйытыы туруоран, ханнык
                 саҥа чааһа буоларын быһаар. Ити тыллары нууч-
                 чалыы тылбаастаан көр.

    1. Биирдэ бөтүүк икки куоска икки дьукаах буолбуттар.
2. Икки киһи кэллэ. 3. Бииргэ иккини эптэххэ, үс буолар.
4. Бииргэ күлэртэн ордук дьону чугаһатар туох баар буо-
луой! (Амма Аччыгыйа) 5. Биирдэ уһулуччу үөрүүлээх үтүө
киэһэ буолла. (Амма Аччыгыйа) Миэхэ элбэх наадата суох,
биирдэ эрэ аҕал. 6. Оҕонньор ыт оҕолорун, биир-биир
ылан көтөҕүтэлээн, түөһүгэр ыга кууһуталыыр, кулгаахта-
рын туппахтыыр. (Амма Аччыгыйа)

    Ахсаан ааты саҥа чааһынан ырытыы бэрээдэгэ

    1. Ыйытыыта, олоҕо.
    2. Тутула (судургу, уустук, ханыыласпыт).
    3. Арааһа (төһө, кэрискэ, барыллааһын, үллэһик, бы-

        тархай).
    4. Этиигэ ханнык чилиэн буолара (быһаарыы, кэпсиирэ).

    Хос бэлиэтээһин: ахсаан аат аат тыл суолтатыгар тутту-
луннаҕына, тардыы, элбэх ахсаан сыһыарыыларын ылынар,
түһүгүнэн уларыйар, этиигэ туһаан, толоруу буолуон сөп.

    Ахсаан ааты саҥа чааһынан ырытыы холобура

    Саха итэҕэлинэн, киһи үс куттаах.
    1. Хас? — Үс. Төрүт олох. 2. Судургу. 3. Төһө ахсаан
аат. 4. Быһаарыы.

    Алтыстар күрэхтэһиигэ бэркэ кытыннылар.

122
   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127