Page 118 - Саха тыла 6 кылаас
P. 118
222. Үс араас ааттаах тиэкис туох уратылаах буо-
луохтааҕын толкуйдаа, быһаар. Хайатыгар сэһэр-
гээһин, ойуулааһын, тойоннооһун тиэкиһин суру-
йуохха сөбүн кэпсэтиҥ.
1. Ыт.
2. Биһиги ыппыт.
3. Ытым барахсан.
223. Урут аахпыт айымньыҥ аатын санаа. Ол аат сүрүн
санааны дуу, тиэмэни дуу көрдөрөрүн эт. Судургу
былаан оҥорон кэпсэтиһиҥ.
224. Тиэкиһи аах, былаанынан көрөн сааһылаан уһул, бы-
лаан тоҕо наада буоларын эт.
Алаас ахтылҕана
Былаан:
1. Таптыыр алааһым.
2. Булгунньах.
3. С.А. Новгородов.
4. Хатыҥ чараҥ.
5. Киэн туттуу.
Мин таптыыр алааһым — Чуораайытта. Эбэ ортотугар
улахан булгунньах баар. Биһиги нэһилиэккэ бу саамай
улахан алаас. Тула элбэх хатыҥ үүммүт. Кырдьаҕастар
хаһан да дьиҥнээх аатын ааттаабаттар. Эбэбит дииллэр.
Чуораайытта алааска саха биллиилээх киһитэ, саха ты-
лын үөрэхтээҕэ Семён Андреевич Новгородов төрөөбүт.
Булгунньах үрдүгэр уонча миэтэрэ үрдүктээх пааматын-
ньык турар. Ааһан иһэн сылдьыбыт дьон ол хатыҥнарга
бэлэх-туһах уураллар, салама ыйаан ааһаллар.
Сайылыга Эбэ соҕуруу өттүгэр баар. Эбэ хоту өттүгэр
ырааһыйаҕа хатыҥ чараҥ үүммүт. Биһиги Эбэбитин тап-
118