Page 116 - Саха тыла 6 кылаас
P. 116

былас куоҕайар уһун моойдоох, былас ордуга түөс аҥаара
мэлэгэр маҥан сирэйдээх эбит. 5. Ытык Хахайдаан со-
тотунан охсуллар тоҕус арсыын солко нуолур суһуохтаах,
харытынан хатыллар аҕыс арсыын аалай хампа быты-
рыыстаах. 6. Бухатыыр киһи тоҕус уон бууттаах торулуур
чомпо сүллүгэстээх эбит, харыс биилээх халдьыр уктаах
хатан тэрээк сүгэлээх эбит. 7. Бухатыыр ата сэттэ хаа-
мыы уһуннаах силээн нэлэгэй сиэллээх, үстүү хаамыы
үргэннээх үрүҥ дьүһүөрсүн түүлээх, сэттэ көстөөх сиртэн
сэгэлдьийэн көстөр кулгаахтаах. 8. Оҥочо тоҕус бэчээ-
тинэй, бэчээтинэй аҥаардаах суор тумсун курдук ту-
мустаах, сэттэ саһаан, саһаан аҥаардаах күлүктээх күтүр
улахан эрдиилээх. (А.И. Петрова)

 220. Олоҥхоҕо кубулуйбат уус-уран быһаарыы буолар ахсаан
         ааты болҕой. Сахалар бу ахсаан ааттары туох сыаллаах-
         соруктааах тутталларын быһаарарга холон.

    1. Аҕыс иилээх-саҕалаах аан ийэ дойду. 2. Тоҕус хат-
тыгастаах туналы маҥан халлаан. 3. Түөрт саханы төрөтүҥ,
үс саханы үөдүтүҥ, икки саханы иитиэхтээҥ. 4. Аҕыс уон
аҕыс ааһар албастаах, тоҕус уон тоҕус куотар кубулҕаттаах.

                         Ситимнээх саҥа

                          ТИЭКИСКЭ БЫЛААН АРААҺА

 221. Тиэкиһи аах, уустук уонна судургу былаанын оҥор, су-
         дургу былаанынан сирдэтэн тэтэрээккэр суруй.

                         УЛАР — САҺЫЛ ХОРООНУГАР

    Биир хаһыҥнаах сарсыарда, халлаан саҥардыы сыр-
дыыта, куобахтыы таҕыстым. Буор тоҥ буолан, атаҕым

116
   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121