Page 108 - Саха тыла 6 кылаас
P. 108
этиҥнээх ардах манна таарыйбатах. 3. Маҥнай түүн... кутаа
аттыттан тэйэр кытаанах этэ. 4. Кыһын... сыарҕаҕа көлүллүбүт
аттар алдьаммыт суол устун үнүөхтэһэллэр. (Амма Аччыгыйа)
II. 1. Аллар... хочоҕо ача күөх айылҕа унаарбыт. 2. Күн
уота, аллар... санньыйан, күөх хайа күлүгэр кистэннэ.
(Күннүк Уурастыырап) 3. Аллар... сыҥаах буолар.
III. Абсолютн... чөмпүйүөн, гвардейск... дивизия, ди-
зельн... ыстаансыйа, диетическ... аһылык, драматическ...
куруһуок, зоологическ... музей, лирическ... ырыа, реак-
тивн... сөмөлүөт, инженерн...-техническ... институт, фи-
зическ... култуура.
Даҕааһын ааты саҥа чааһынан ырытыы бэрээдэгэ
1. Даҕааһын аат ыйытыыта (хайдах? ханнык? хайа?
ханнааҕы? хаһааҥҥы? туохтаах?).
2. Даҕааһын аат арааһа (хаачыстыба/сыһыан).
3. Олоҕо (төрүт, үөскээбит).
4. Үөскээбит ньымата (сыһыарыы көмөтүнэн, аттарыы
ньыматынан).
5. Даҕааһын ураты халыыптара (ханыыласпыт/күүһүр-
дэр эбиискэлээх/ /хатыланар олохтоох/аттарыы халыып-
таах/иһирэхситэр, күүркэтэр сыһыарыылаах даҕааһыннар).
6. Таба суруйуу быраабылата.
7. Этиигэ ханнык чилиэн буолара (быһаарыы, туһаан,
толоруу, кэпсиирэ).
Даҕааһын ааты саҥа чааһынан ырытыы холобура
Күһүҥҥү күн саҕахха саһан эрэрэ.
1. Ханнык күн? — күһүҥҥү. 2. Сыһыан даҕааһына.
3. Күһүн диэн аат тылтан -ҥү сыһыарыы көмөтүнэн үөс-
кээбит. 4. Аат тыл олоҕо күһүн, онно -ҥү сыһыарыы
эбиллибитин түмүгэр бүтэй дорҕооннор хоһуласпыттар.
5. Этиигэ быһаарыы буолбут.
108