Page 101 - Саха тыла 6 кылаас
P. 101
Көнө: көнө мас, көнө киһи, көнө санаа (токур, киитэрэй,
кэтэх).
Сытыы: сытыы быһах, сытыы тыал, сытыы кыыс, сы-
тыы тыл (сэмэй, сыппах, мөлтөх, сымсах).
Аһаҕас, көнө, сытыы диэн элбэх суолталаах даҕааһыннары
сөпкө туттан, хастыы да этиитэ толкуйдаа.
186. Көнө уонна көспүт суолталаах даҕааһын ааттары
тус-туспа наардаа. Көспүт суолталаах даҕааһын аат-
тар туох ис хоһооннохторун быһаарыс.
1. Хара ат, хара аан, хара дьай, хара дьиэ, хара ки-
лиэп, хара санаа, хара кырыыс, хара саһыл, хара сор,
хара чэй, хара үлэ.
2. Үрүҥ аан, үрүҥ дьиэ, үрүҥ илии, үрүҥ килиэп, үрүҥ
көмүс, Үрүҥ Уолан, үрүҥ үлэ, үрүҥ түүн, үрүҥ тыын, үрүҥ
санаа.
187. Даҕааһын аат көспүт суолтатын быһаар. Этиитэ толкуй-
даа.
Дириҥ күөл — дириҥ кутурҕан, ыраас таҥас — ыраас
кыайыы, үрдүк тиит — үрдүк үүнүү, сытыы быһах — сытыы
тыал, хара өҥ — хара санаа, кытаанах орон — кытаанах
санаа, тымныы күһүн — тымныы сыһыан, мэник оҕо —
мэник буулдьа.
188. Даҕааһын ааттаах сомоҕо тылла булан суруй.
Суолтатын быһаар. Холобур: анараа дойду, кир-
дээх киһи.
189. Ускуопка иһиттэн сөптөөх тылы туттан, этиини аах.
I. 1. (Аһаҕас — аһыллыбыт) аанынан ходуһаҕа сүөһү
киирбит. 2. (Тоҥ — тоҥоруллубут) күөрчэх олус минньи-
101