Page 97 - Саха тыла 6 кылаас
P. 97

Мин Айаалы тоҕо атын уолаттартан чорботон ордор-
дум? Кини олус эйэҕэс, үлэһит, өйдөөх, толоругас, эппиэ-
тинэстээх. Бэйэтэ ис киирбэх дьүһүннээх.

    Биир табаарыһым Айаалы табах тардар диэбитэ. Бил-
бэтим, баҕар, тардара да буолуо. Ол эрээри кими да
кытта иирсибэт. Улааттаҕына, табаҕын быраҕыа дии са-
ныыбын.

    Мин кинини кытта доҕордоһуохпун олус баҕарабын.
Кини үчүгэй доҕор буолуо диэн эрэнэ саныыбын.

                                                                                   (Хаһыаттан)

                 19 §. Даҕааһын ааты
               саҥарар саҥаҕа туттуу

              Даҕааһын аат кэпсэтии да тылыгар, уус-уран айымньыга
         да бэрт киэҥник туттуллар. Даҕааһын, барамай эҥин-эгэлгэ
         бэлиэтин көрдөрөр буолан, тылы-өһү олус байытар, киэргэ-
         тэр. Саха тылыгар майгыннаһар уонна утарыта суолталаах
         даҕааһын олус элбэх. Ол ордук олоҥхо баай-талым тылыгар
         толору көстөр.

             Даҕааһын көспүт суолтаҕа туттуллуута уус-уран айымньыга
         элбэх буолар: мэник буулдьа, хара санаа.

             Кэнники кэмҥэ нуучча тылын сабыдыалынан даҕааһын ааты
         аат туохтуур үтүрүйэн эрэр: тоҥ балык — тоҥоруллубут балык.
         Онтон сылтаан, сахабыт тылын этигэн күүһэ мөлтүүр.

         179. Ыстатыйаҕа даҕааһын аат хайдах туттуллубутун
                 кэтээн көр. Быһаарыы буолбут даҕааһын ааттары
                 булан уһул.

    1. Өксөкүлээх Өлөксөй саха омук былыргы устуоруйа-
тын, төрүт култууратын, хомоҕой тылын-өһүн дириҥник
чинчийбитэ. Норуот тылынан уус-уран айымньытын үйэ-
лээх үгэстэрин, этигэн ньымаларын бэркэ диэн билэрэ.
Ол да иһин саха омук үйэлэргэ киэн туттар чулуу айым-
ньыларын айан хаалларбыта.

                                                                                                            97
   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102