Page 99 - Саха тыла 6 кылаас
P. 99

181. Халлаан, күн, дойду, ат диэн аат тылларга су-
        дургу уонна уус-уран быһаарыы буолар араас
        даҕааһыннары булан, хастыы да тыл ситимин оҥор.

      Судургу бы´аарыы       Уус-уран бы´аарыы

Ыраас халлаан;          Ки²киниир киэ² халлаан;
Былыттаах халлаан; ...  Туналы ма²ан халлаан; ...

 182. Маарыннаһар суолталаах даҕааһыннар кэккэлэрин аах.
         Бэлиэтэммит даҕааһыннарга ис хоһоонунан сөп түбэһэр
         тыллары булан, тыл ситимин оҥор.

    Үчүгэй, бэрт, үтүө, кэрэ, эриэккэс, талыы, чулуу.
    Куһаҕан, мөлтөх, мөкү, барбах, мара, көйгө.
    Улахан, баараҕай, сүдү, сүүнэ, сүҥкэн, аарыма.
    Кыра, оччугуй, дьоҕус, быычыкаан, кыччыгый, тэттик.
    Үрдүк, добун, өндөл.
    Бөдөҥ, суон, модьу, үскэл, төрөл.
    Күүстээх, баабый, иҥиирдээх, сэниэлээх.

         183. Ускуопка иһиттэн ордук дьүөрэ даҕааһыны талан
                 устуҥ.

    Атырдьах ыйын бүтүүтүнээҕи (чуумпу, намыын) киэ-
һэлэртэн биирдэстэрэ сатыылаабыта. Онно-манна (тө-
рөл, бөдөҥ) тиит мастардаах хатыҥ чараҥ быыһынан
суол эриллэ-бурулла субуллара. Көй салгын илгийэр тыа
суолун устун оҕолор инники сырсан туораахтаспыттара.

    Лиҥкинэспит тиит мастаах, лагларыспыт (бастыҥ, та-
лыы) хатыҥнаах таптыыр, ахтар мин дойдум. Мин уһун
кыһыҥҥа эйигин түүлбэр түһээн көрөбүн. Ол онно люс-
тра чаҕылыччы сырдатар киэҥ хоһугар олорон, ахса суох
үгүс түннүктээх (үрдүк, уһун) таас дьиэлэринэн ыгыллы-
быт куорат уулуссатынан да иһэн, мин эйигин куруутун

                                                                                                            99
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104