Page 95 - Саха тыла 6 кылаас
P. 95

175. Инники холобурга тирэҕирэн, хара, нарын, кыра диэн
         тыллары араастаан уларытан көр.

                         Ситимнээх саҥа

                       ТИЭСИС, ДАКААСТАБЫЛ, ТҮМҮК

 176. Тойоннооһун тиэкиһи аах, тиэсиһин, дакаастабылын,
         түмүгүн бул. Сүрүн санаатын быһаар. Дакаастабыл
         чааһыгар 2—3 араас кэрчиги булан, былаанын суруй.

                       ЭППИЭТИНЭСТЭЭХ БУОЛУОХХА

    Билигин, олоҕу тупсарар туһунан боппуруос күүскэ ту-
рар кэмигэр, туохха барытыгар эппиэтинэстээх сыһыан
эрэйиллэр.

    Эппиэтинэс диэн киэҥ өйдөбүлү хабар боппуруос.
Үөрэх — эн сүрүн үлэҥ. Бу үлэҕэр төһө ирдэбиллээххи-
ний? Сыалгын ситиһэргэ кыаххын, дьулуургун барытын
биэрэҕин дуо? Үчүгэйдик үөрэнэр буоллаххына, туһалаах
үлэһит буоларга бэлэмнэнэҕин. Ол аата бэйэҥ иэскин,
эппиэтинэскин сөпкө өйдүүгүн.

    Эппиэтинэс эн майгыгын-сигилигин эмиэ көрдөрөр.
Туохха баҕарар эппиэтинэстээх буоллаххына, эн үтүө
майгылааххын, эйиэхэ итэҕэйиэххэ, эрэниэххэ сөп. От-
тон тылыгар турбат, эрэннэрэн баран толорбот, туохха
да эппиэтэ суох сыһыаннаһар киһиэхэ эрэниэххэ сөп дуо?

    Сөптөөх ирдэбили туруорунар, эппиэтинэстээх оҕо ол
майгытын туппутунан улаатар. Киниттэн үчүгэй киһи тах-
сыа диэн эрэниэххэ сөп.

                                                                    («Кэскил» хаһыаттан)

         177. Эн кинигэ ааҕаргын олус сөбүлүүгүн. Табаарыһыҥ
                 ону сөбүлээбэт. Кини санаатын хайдах уларытыаҥ
                 этэй? Холонон көр.

                                                                                                            95
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100