Page 92 - Саха тыла 6 кылаас
P. 92

түүлээҕи бултуур. 6. Сиэнньэ биирдэ өйдөөбүтэ: хоп-
хойуу уһун түүлээх аарыма кыыл, аҕатын умсары бат-
таан, үрдүк арҕаһа өрө сүгүллэҥнээбит.

                                                                     (Афанасий Фёдоров)

     18 §. Даҕааһын аат үөскээһинэ

           Даҕааһын аат, сүнньүнэн, икки ньыманан үөскүүр:
       сыһыарыы көмөтүнэн уонна аттарыы ньыматынан (икки
       эбэтэр хас да тыл холбоһугунан).

1. Сыһыарыы көмө- а) Аат тылтан (-лаах, -гы, -ҥы,

түнэн  -тааҕы, -мсох): дьиэлээх, хотугу,

       кыһыҥҥы, сыллааҕы, оҕомсох.

       б) Туохтууртан (-аҕас, -ыгас, -ҕар,

       -ҕай, -хай, -мтаҕай, -мтыа,

       -ыык, -с, -нньаҥ, о.д.а.): аһаҕас,

       булугас, маадьаҕар, сатаҕай,

       кытархай, кыыһырымтаҕай,

       итэҕэйимтиэ, ытырыык, куттас,

       харыстанньаҥ.

       г) Даҕааһынтан (-тыҥы, -чаан, -сыар):

       кытархайдыҥы, кырачаан.

2. Аттарыы ньыма- а) Аат тыл + даҕааһын: үүт маҥан,

тынан  ыас хара, уот кыһыл, мас көнө.

       б) Төрүт даҕааһын + төрүт даҕааһын:

       сырдык күөх, хараҥа кыһыл, хара

       саадьаҕай.

       г) Төрүт даҕааһын + үөскээбит да-

       ҕааһын: амарах санаалаах, уһун

       үйэлээх, кэрэ сэбэрэлээх.

92
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97