Page 88 - Саха тыла 6 кылаас
P. 88
160. Тойонноон көрүүнү аах. Тиэсиһиттэн сиэттэрэн, бэйэҥ
түмүк оҥорон суруй. Ким оҥорбут түмүгэ ордугун кэп-
сэтиһиҥ.
ҮЛЭНИ ТАПТААҤ
Эдэр дьоҥҥо тугу баҕарыахха сөбүй? Туох-ханнык ин-
нинэ — үлэни таптыыры.
Күн сирин быйаҥын барытын үлэ айар. Аһыыр аспы-
тыттан, таҥнар таҥаспытыттан электростанцияларга, баа-
раҕай собуоттарга тиийэ — бука барытын үлэ оҥорор.
Киһини киһи оҥорбут — үлэ. Онон биһиги оҕолорбут кы-
раларыттан үлэҕэ үөрэниэхтэрин наада. Үлэ диэн кы-
һалҕа, эбээһинэс буолуо суохтаах. Умсугуйан, ис сү-
рэхтэн сөбүлээн дьарыктанар дьарык буолуохтаах.
Арассыыйа Федерациятын норуодунай худуоһунньуга
А.Н. Осипов хартыына суруйа туран эппиттээх:
— Быыстала суох кэлии-барыы, уопсастыбаннай үлэ
үтүрүйэн, дьиҥнээх идэбинэн — кыраасканан үлэлээ-
бэтэҕим түөрт ый буолла. Бугуһуйбутум, киистэни тутуох-
пун баҕарбытым сүрдээх. Үлэттэн дьаадьыйар дьону
бэркиһиибин. Сороххо үлэлиир саҕа үөрүүлээх суох. Бы-
рааһынньык кэриэтэ.
(Хаһыаттан)
161. Тойоннооһун тииптээх хас да тиэкиһи оҥоруҥ: тугу эмэ
утарсан, көрдөһөн тыл этии, сурук суруйуу, аахпыт ки-
нигэни, буолбут түбэлтэни ырытыы.
162. «Доҕордуулар» эбэтэр «Айылҕа дьиктитэ» диэн хаартыс-
каны көрөн, тойоннооһун тиэкиһин оҥор.
88