Page 87 - Саха тыла 6 кылаас
P. 87

Сороҕор тойоннооһун кылгас, 1—2 этиилээх буолуон эмиэ сөп.
       Саныыр санааны сатаан сааһылаан этэр, дакаастыыр сатабыл
       киһиэхэ куруук наада буолар.

 159. Тойоннооһун тиэкиһи аах. Тиэсиһин, дакаастабылын,
         түмүгүн ый.

                  АННА ПЕТРОВНА ТУОХТАН ХОМОЙДО?

    Үөрэх дьылыгар аан бастакы суругунан үлэ. Бэйэ су-
руйуута. Долгуйуу бөҕө.

    Суруйуу аата «Ийэбэр төһө көмөлөһөбүн» диэн. Анна
Петровна туох, хайдах баарынан — кырдьыгынан суруйар-
га сорудахтаабыта.

    Уруок ортолуу да илигинэ, Алик Хомяков бүттэ. Туран
учуутал остуолугар тиийдэ. Тэтэрээтин остуолга уураат:

    — Мин бүттүм, — диэтэ.
    Анна Петровна тэтэрээти арыйан аахпытынан барда:
    «Мин ийэм көмөҕө наадыйбат. Кини ааттаах эрдэ ту-
ран бүтүннүүтүн бэйэтэ оҥорор. Биир да үлэни миэхэ
ордорбот. Ийэм аһара үчүгэй уонна үлэлиирин сүрдээҕин
сөбүлүүр. Таах быар куустан олорбот. Сарсыарда аайы
миигин уһугуннарар, таҥнарбар-симэнэрбэр, суунарбар кө-
мөлөһөр. Ол кэнниттэн сарсыардааҥҥы аһылыкпын аһатар,
оскуолаҕа атаарар. Үөрэҕим кинигэлэрин, тэтэрээттэрбин
киэһэ эрдэттэн бэлэмнээн биэрэр».
    Суругу бүтүөр диэри ааҕан баран, учуутал тэтэрээти
сапта уонна Аликка аргыый эттэ:
    — Бу курдук... Мин эйиэхэ сыана туруорбаппын. Тэ-
тэрээккэр да, диниэбинньиккэр да, кылаас сурунаалыгар
да. Төһө да кичэйэн суруйбутуҥ иһин. Эн суругуҥ миигин
астыннарбата, төттөрүтүн, олуһун хомотто...
    — Ол тоҕо? — Алик учуутала эппитин өйдөөбөтө.
    — Бэйэҥ өссө төгүл толкуйдаа! Ырыҥалаан көр, —
диэтэ учуутал Анна Петровна. (Никифор Поруков)

                                                                                                            87
   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92