Page 91 - Саха тыла 6 кылаас
P. 91

эмиэ содуллаах. 6. Өйдөөх үтүөнү сатыыр, акаары ал-
дьархайы сатыыр. 7. Балык дириҥи былдьаһар, көтөр
үрдүккэ талаһар. 8. Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл
сымсах. 9. Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.

 167. Даҕааһыннары салгыы ааттаталаа.

    1) Барамай быһыыта-таһаата: көнө, ...
    2) Барамай кээмэйэ: кэтит, ...
    3) Барамай өҥө: эриэн, ...
    4) Киирии даҕааһыннар: сибиэһэй, ...
    5) Ааттыйбыт даҕааһыннар: эрэйдээх, ...
    6) Эргэрбит даҕааһыннар: аҕам, ...

 168. Киһиэхэ сыһыаннаах араас дэгэттээх даҕааһын ааттары
         ааҕыҥ. Билбэт тылгыт суолтатын учууталтан ыйытыҥ.

    Хайгыыр: аламаҕай, номоҕон, сайаҕас, элэккэй.
    Сэргиир: бүгүрү, улгум, чэбэр, чэнчис, чобуо.
    Сирэр: баламат, дьалаҕай, дьалбаа, көлөөк, нэс, са-
    лаҥ.
    Сэмэлиир: бардам, ордугурҕас, өрүскэ, хабыр.
    Сиилиир: көҥөс, улдьаа, сонумсах, сыылба, харам.
    Сэниир: дьэллик, нэгэй, сэлээр, түҥкэтэх.
    Үөхсэр: сидьиҥ, содур, чолоҕор.

 169. Бэлиэтэммит тыл даҕааһын эбэтэр ааттыйбыт даҕааһын
         буоларын ыйытыы туруоран быһаар. Холобур: синньи-
         гэс быа (хайдах быа? — даҕааһын). Быа синньигэһинэн
         быстар (тугунан быстар? — ааттыйбыт даҕааһын).

    1. Ыарыһах киһини Дьокуускайга ыыттылар. 2. Ыары-
һах, хата, ыраах айаны тулуйбут. 3. Былыр нэһилиэккэ биир
эмэ үөрэхтээх баар буолар эбит. 4. Аныгы үөрэхтээх
ыччат көмпүүтэри түргэнник баһылыыр. 5. Маппый күҥ-
ҥэ үстүү-түөртүү көстөөх тыаны эргийэ хаамар, араас

                                                                                                            91
   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96