Page 82 - Саха тыла 6 кылаас
P. 82
үөскээбит: олоҕо сэп — аат тыл, сыһыарыыта -ргэл.
3. Тардыылаах аат. 4. Биир элбэхтээҕэ. 5. Тугун? — туох-
туу түһүк. 6. 3-с сирэй. 7. Этиигэ толоруу буолар.
1. Ким? — Сэбирдэх. Киһини бэлиэтиир, анал (хос)
аат. 2. Судургу аат тыл. 3. Биир ахсаан. 4. Ким? — төрүт
түһүк. 5. Этиигэ туһаан буолар.
1. Ханна? — дьиэтигэр. Тыыммат барамайы бэлиэ-
тиир, уопсай аат. 2. Тардыылаах аат. 3. Биир биирдээҕэ.
4. Туохха? (ханна?) — сыһыарыы түһүк. 5. 3-с сирэй.
6. Этиигэ сиһилии буолар.
II. Састаабынан ырытыы
1. Сэбиргэлин < сэп + (и)ргэл + э + н.
1) сэп — төрүт олох, аат тыл;
2) -ргэл — аат тылы үөскэтэр сыһыарыы;
3) -э — тардыы сыһыарыыта, 3 с, б/б;
4) -н — туохтуу түһүк сыһыарыыта.
2. Дьиэтигэр < дьиэ + тэ + гэр.
1) дьиэ — төрүт олох, аат тыл;
2) -тэ — тардыы сыһыарыыта, 3 с, б/б;
3) -гэр — сыһыарыы түһүк сыһыарыыта.
149. Устуҥ.
I. Бэлиэтэммит аат тылы булан, бары морполуогуйалыы бэлиэ-
тин ыйыҥ. Ыйытыы туруоран, этиигэ ханнык чилиэн буоларын
болдьох бэлиэнэн көрдөрүҥ.
1. Киһи үйэтэ үлэтинэн сыаналанар. 2. Саамай куһа-
ҕан киһи — сэмэһит кыттыгас. 3. Сымыйа дьоллооҕор
дьиҥнээх эрэй ордук. 4. Бииргэ күлэртэн ордук дьо-
ну чугаһатар туох баар буолуой! 5. Этэр тыл наадалаах
тоҕооһугар бэргэнник этиллэрэ улахан суолталаах.
(Амма Аччыгыйа)
82