Page 77 - Саха тыла 6 кылаас
P. 77
14 §. Тардыылаах аат тыл
139. Ааҕыаҕыҥ эрэ: дьиэ дьиэм, дьиэҥ, дьиэтэ, дьиэ-
бит, дьиэҕит, дьиэлэрэ. Аат тыл суолтата уларый-
да дуо? Тоҕо дии саныыгыный?
Саха тылыгар бас билии өйдөбүлэ олус киэҥник
туттуллар. Ону тардыылаах аат тыл ордук толорутук
көрдөрөр. Маннык тыл барамай кимиэнэ, туох киэнэ
буоларын бэлиэтиир.
Тардыылаах аат тыл хас да суолталаах:
· бас билии: атым, сааҥ, худуоһунньук хартыына-
та;
· уруу-аймах: ийэбит, убайгыт, таайдара;
· барамай сорҕото-чааһа: илии тыҥыраҕа, хотон
аана, кинигэ ойуута, хатыҥ лабаата;
· барамай сыһыана: бөлөх чилиэнэ, институт үлэ-
һитэ, Амма кыыһа;
· барамай анала, идэтэ: оҕус сыарҕата, суорат
аһытыыта.
140. Тардыылаах ааттаах таабырыннарда суруйуҥ.
Биһиги төрүт да бас билбэт суолбутун тардыылаан этэбит.
Холобур: билбэт ыалым, көрбөтөх дойдум, туораабыт
уум, аахпатах хаһыатым.
Бу өйдөбүл анал сыһыарыынан үөскүүр. Онуоха анал бэлиэ
сирэйинэн, ахсаанынан тус-туһунан буолар (оҥкулу көр).
77