Page 74 - Саха тыла 6 кылаас
P. 74

134. Биир халыыптаах аат тыллар уопсай суолталарын
                 тэҥнээн көрүҥ. Туох эмэ уратылаһыы баар дуо?

    1. Уол акка эбиэс биэрдэ. Үрэххэ от тиэйэ киириэм.
Нарыл икки ыстакааҥҥа үүт киллэрэр. Кини эһэни
өлөрбүт хорсун булчукка кыратык да маарыннаабат этэ.
Арамаан Дьөгүөрэп аҕыйах арсыын сиидэһи биир ынахха
биэрэр. Иванченко саха тылыгар Ипсээҥҥэ үөрэттэрэр.
2. Сахаттан саанан ордук, киһиттэн кириһинэн ордук,
урааҥхайтан ураҕаһынан ордук. Суруксутунан уруккут-
тан хайҕанара. Бу суолунан аттаах-сатыы быйыл үгүстүк
сыбыытаата. Володя икки биэдэрэнэн уу баһан кэл-
лэ. 3. Баран иһэн аара Чүөчээски, аҕатыттан хомойон,
куттанан, дэлби ытыыр. Куораттан Кириилэп учуутал
таҕыста. Байанай чөмөхтөнө сытар тииҥнэриттэн ылан
сүлбүтүнэн барда. 4. Хачыгыр балтыныын аһыҥаны экки-
рэтиһэрэ. Микиитэ Өлөксөйдүүн дьыбардаах сарсыарда
учууталга бардылар.

        Нуучча тылын сабыдыала түһүктээһин эйгэтигэр эмиэ
       биллэр. Итини литературнай нуорманы кэһии, кэбирэ-
       тии курдук сыаналанар.

         135. Нуучча тылын батыһан түһүгү алҕас туттууну та-
                 быгастаах ньыманан көннөрөн ааҕыҥ.

    1. Кини таба тириититтэн тигиллибит киэҥ саҕын-
ньахтааҕа. 2. Улахан мунньаҕынан бигэргэтиллибит уураах
биир санаанан ылылынна. 3. Оскуолаҕа учуутал, биллэн
турар, оҕолорго холобур туттан, ууну иһэ-иһэ хайгыа этэ.
4. Илииттэн суруллубут сурунааллаах этибит. 5. Сэмэн
Ноҕуруодап сахалыы суругу-бичиги айбыт аҕатынан
буолар. 6. [Кыһылхайалыырап:] Махтанабын Маайаны.
7. Дьиэҕэ-уокка күннээҕи түбүк хаһан да бүппэт. 8. Бу
кинигэ оҕонон ааҕылынна.

74
   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79