Page 71 - Саха тыла 6 кылаас
P. 71

127. 1. Түһүк сыһыарыыта тоҕо араастанарый?
                 2. Ханнык түһүк бэлиэтэ саамай элбэх фонетичес-
                 кай барыйааннаах буолуой?
                 3. Үс түһүк иккилии тус-туспа халыыптаах.
                 Тоҕотун толкуйдааҥ?
                 4. Киһи сыһыарыы түһүккэ атын аат тылтан ура-
                 тыланар: киһи + (иэ)хэ > киһиэхэ; киһиэхэ + ҕэ
                 > киһиэхэҕэ. Кыбытык сыһыарыы (дьуптуон) эби-
                 линнэ, эбиитин хос түһүктэннэ!

        Таба суруйууну болҕой.

       1. Аһаҕас дорҕоонунан бүтэр аат олоҕор эбиллэр туттуу түһүк
       сыһыарыыта соҕотох н буукубалаах суруллар, холобур: саанан,
       сүөһүнэн, быанан, буукубанан (сааннан, сүөһүннэн, быаннан,
       буукубаннан буолбат).
       2. Аһаҕас дорҕоонунан бүтэр аат олоҕор тэҥнии түһүк сыһыарыы-
       та -т буукубалаах суруллар, холобур: тыы — тыытааҕар,
       оҕо — оҕотооҕор, киһи — киһитээҕэр (тыылааҕар, оҕолооҕор,
       киһилээҕэр буолбат).

 128. Аат тылы араарыы түһүккэ туруоран, сыһыарыы хай-
         дах уларыйарын көрдөр (-та, -да, -ла, -на). Холобур:
         соттор + та > соттордо, өтүүк + тэ > өтүүктэ.

    Чохоон, солуур, өтүү, өрбөх, эрбиилэр, өтүйэ, тииҥ.

 129. Бэлиэтэммит аат тыл түһүгэ ханныгын уонна сыһыа-
         рыытын ыйыҥ.

    1. Коля балтыныын саас биирдэ луук үргүү сылдьы-
быта. 2. Киэһэ оттоон бүтэрбэр, кэрии тыанан кэлэрбэр
отон, дьэдьэн сүмэтин утах гынан иһэбин. 3. Тэбиэн саҕа
хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук. 4. Ээ, бу
баҕайы туостан тымтай тахсыа суох. 5. Микиитэ сиргэ
бырдаҥалаабыт тоҥ эти итигэстээн сиэн тотон баран,
үөттүрэҕи миинэн оһоҕу тула сүүрэ сырытта. 6. Биһиги
аҕа ууһун сиэринэн, бастаан эһэ этиттэн кырбаста ылыҥ.
7. Фёдор Охлопков өлгөм дохуоту: бурдугу, оҕуруот аһын,

                                                                                                            71
   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76