Page 67 - Саха тыла 6 кылаас
P. 67

119. Айылҕа көстүүтүн бэлиэтиир аат тылы этиҥ. Эл-
                 бэҕи билэр киһи мындыр дьылдьыт аатын сүгэр.

 120. Айылҕа көстүүтүн бэлиэтиир аат тыл ахсаана сыыһа
         сирин көннөрөн устуҥ. Түмүктэ оҥоруҥ.

    1. Ынах сүөһүнү улахан тоҥоруулар, тымныылар иннинэ
хотоҥҥо киллэрээччилэр. 2. Урут саха ыала кыһыҥҥы
тымныыларга отун-маһын чугастан тиэнэрэ. 3. Илиҥҥи
улуустарга бүгүн сөҥүүлэр түһэллэрэ күүтүллэр. (Араа-
дьыйа биэриититтэн) 4. Быһайын Хаҥаласка уһун курааннар
буоланнар, от адьас мөлтөхтүк үүннэ. 5. Илгэлээх ардах-
тар уһун кураан кэнниттэн ийэ сир утаҕын ханнаран, Орто
дойду ото-маһа сууммуттуу көҕөрө чэлгийдэ. 6. Үүнээйи
да араас сигилилээх: маҥнайгы хаһыҥнар түстэхтэринэ,
хаппыыста кытаатар, амтана тупсар.

 121. Элбэх ахсааҥҥа турар аат тылы хомуур өйдөбүллээн,
         төрүт халыыпка киллэрэн ааҕыҥ.

    1. Чыычаахтар уйаларын алдьатар куһаҕан. 2. Саха мин-
ньигэс астара аан дойдуга биһирэнэн эрэллэр. 3. Хотуттан
саҥа кэлбит дьахтар түүлээх таҥастары түргэнник, наһаа
үчүгэйдик тигэр сураҕа иһиллэ оҕуста. 4. Былыргы араас
иһиттэри-хомуостары хомуйан, нэһилиэккэ балачча баай
түмэл (мусуой) тэрийдилэр. 5. Билигин дьиэ тээбириннэ-
рин атыылыыр аныгы улахан маҕаһыыннар аһылыннылар.
6. Кэлии табаардар сыаналара улам-улам үрдээн иһэр.
7. Айылҕаны араҥаччылааччылар пааркалары, тыалары,
уулары, кыыллары, көтөрдөрү, дьиэ кыылларын харыс-
тыырга өрүү ыҥыраллар.

                                                                                                            67
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72