Page 65 - Саха тыла 6 кылаас
P. 65
Сайылыгым барахсан!
Тула өттө эргиччи
Нуолур солко тыалардаах,
Дьирибиниир долгуннаах
Дьикти ыраас уулардаах. (Ырыаттан)
Оннук чорботор сорук суох түбэлтэтигэр олохсуйбут үйэ-
лээх үгэһинэн биир ахсаан эрэ туттуллар. Оҕурдук дьыала-
куолу, билим (наука) тылыгар, быраабыла курдук, литерату-
ралыы нуормата төрүт кэһиллибэт.
114. Бэлиэтэммит аат тыл биир, элбэх ахсаана хайдах
туттулларын быһаар.
Киһини курданарынан үрдүк кирээдэлэргэ үүнүүлээх
оҕурсу өрүкүйэн турар. — Дьэ. Бу оҕурсуҥ наһаа дөбөҥнүк
үүнэр ас! — диир биригэдьиир... Ити билигин тиэйэн бар-
быт оҕурсубут син бөдөҥ оҕурсу буолбат дуо? Чэ, ман-
тан биһиги хаппыысталарга барыахха. Оҕурсуну «оҕур-
су» диэн бииринэн ааттыыр эрээри, кини хаппыыстаны
тоҕо «хаппыысталар» диэн элбэтэн этэрин мин испэр
дьиибэргии иһиттим.
Икки кэлим сиргэ икки суол хаппыыста үүнэн логлору-
һан турар сиригэр биһиги тиийэн кэллибит. Маҥнайгы
кэлим саҕатыгар «№1» диэн суруктаах, иккиһигэр «Сла-
ва» диэн суруктаах хаптаһыннар саайыллан тураллар.
Биригэдьиир хас эмэ кирээдэ оҕурсуну оҕурсу диэн
баран, хаппыыстатын тоҕо хаппыысталар диэбитин мин
дьэ өйдөөтүм. Кини ааттара атыннарын, тус-туспа суор-
таахтарын иһин хаппыысталар диэбит.
Өлгөм үүнүүлээх астар! (Амма Аччыгыйа)
115. Күрүөлэммит (ускуопкаламмыт) аат тыл сөптөөх ахсаа-
нын талан ааҕыҥ.
(Дал, даллар) ахсын; сорох (киһи, дьон, дьоннор); (дьыа-
ла, дьыала-куолу) бөҕө; хас эмэ (сэлиэнньэттэн, сэлиэн-
ньэлэртэн); (кырдал, кырдал-кырдал, кырдаллар) аайынан;
65