Page 62 - Саха тыла 6 кылаас
P. 62
дар, буураттар; барахсан — барахсаннар, барахсаттар.
Өйдүүргэ кыһан. Тыл өрүү дьиктилээх.
1. Эр диэн тыл э.а. икки халыыптаах: 1) эр (эр киһи, хорсун-
хоодуот) — эрэттэр; 2) эр (дьахтар кэргэнэ) — эрдэр.
2. Икки тыл э.а. төрүкү -т сыһыарыылаах билигин дэҥ
иһиллэр: тойот, хотут.
3. Аҕыйах аат элбэх ахсаан халыыптанарыгар тиһэх дорҕооно
симэлийэр (сурукка буукубата сүтэр), холобур: кыырт + лар
> кыыртар.
110. Аат тылы элбэх ахсааннаа. Мунаахсыйдаххына, таба
суруйуу тылдьытын туһан.
Булт, суорт, эмп, күөрт.
111. Тиэкиһи көннөрөн суруй. Аатта биэр.
Биһиги элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттабыт. Сыл устата
араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Онно кылаастарынан
куоталаһыылар тиһиктэрин быспакка буолаллар. Оҕолор
уолаттар-кыргыттар диэн араарсыбакка көхтөөхтүк кытта
сатыыбыт.
Саха киһитэ биир тылы, халыыбы хатылыырын сөбүлүүр.
Ол эрээри ити анал соруктаах буолуохтаах. Аат тыл элбэх
ахсаанын тылга-өскө болҕойор, сөпкө туттар наада. –лар
халыыбы туох да сыала-соруга суох, мээнэ хатылаатахха,
саҥарарга-суруйарга уһун тыл, этии тахсар. Ити өйдүүргэ
да эрэйдээх. Онуоха эбии лар-лар, дар-дар диэн хатыланар
сүһүөх мустара истэргэ да куһаҕан буолар. Онон ийэ тыл
этиллэр-иһиллэр кэрэтэ-эстиэтикэтэ эмсэҕэлиир-мөлтүүр.
Холобур, тэҥнээ: эрэттэр кэлбиттэр — элбэх эрэт кэлбит,
оттор күрүөлэммиттэр — бары от күрүөлэммит, кинигэлэ-
ри атыыластым — хас да кинигэни атыыластым.
Ол иһин өбүгэбит итини тумнар үтүө үгэстээх эбит.
Онон саха тылыгар үтүмэн түбэлтэҕэ элбэх хомуур ахсаан
суолтатын төрүкү (нуул) халыыбынан биэрэр араас ньыма
үөскээбит (оҥкулу көр).
62