Page 61 - Саха тыла 6 кылаас
P. 61
ыйыллар буоллаҕына, аат тыл биир ахсааҥҥа туттуллар: тоҕус
уол, түөрт уон ыаҕайа, сүүсчэ бугул, сүүрбэ хас тыһаҕас, үгүс
бороон.
105. -лар 16 араастанара туохтан тутулуктааҕый?
106. Аат тылы элбэх ахсааҥҥа туруоран, сыһыарыытын
ырытыҥ. Холобур: өтүү + лар >өтүүлэр, тоҕой +
лар >тоҕойдор.
Бөтүүк, хотон, суор, орох, өрөбүл, көтөр, тэтиҥ, эмп.
107. Сөптөөх тылы -лар халыыптааһын. Ким урут
бүтэрэр эбитий?
Бадараан, түҥүр, сэһэн, ардах, оптуобус, маҕаһыын,
көҥүл, үлэх, хаһыҥ, күөл, титиик, уол.
108. Састаабынан ырытыҥ. Х о л о б у р : сонордьуттар < со-
нор + дьут + лар.
Хатыҥнар, отонньуттар, ыйааһыннар, эрчиллиилэр, олуур-
дар, булчуттар.
Аҕыйах аат тыл элбэх ахсаана олохсуйбут үгэстэн, быраабылат-
тан туоруур:
1) тойон — тойоттор, хотун — хотуттар, эмээхсин — эмээх-
ситтэр, кэргэн — кэргэттэр, барахсан — барахсаттар;
2) кыыс — кыргыттар, уол — уолаттар, доҕор — доҕоттор,
дьахтар — дьахталлар, оҕонньор — оҕонньоттор.
Элбэх ахсаана ураты халыыптаах тыл сурукка итинник кии-
рэрин умнума. Инникигэ эбии: сүллүүкүттэр, түөкүттэр,
күлүгээттэр, доҕоттор, улахаттар.
109. Элбэх ахсаан хайа барыйаана ордугун, табатын эт.
Кэпсээн — кэпсээннэр, кэпсээттэр; кыыл — кыылаттар,
кыыллар; буойун — буойуттар, буойуннар; буур — буур-
61