Page 56 - Саха тыла 6 кылаас
P. 56

хайааччы аатын бэлиэтээһин: ыт, эт, күрээ, төлөө.

         93. Биир олохтон хас да аат тылы үөскэтиҥ. Ким урут
                 толорор эбитий? Холобур: көр көрөөччү, көрүк,
                 көрүнньүк, көрүҥ, көрбүөччү.

    Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: суруй, тур, күөл.

         94. Тыл диэн олохтон ким элбэх аат тылы үөскэтиэй?

        95. I. Ордук ханнык барамайы бэлиэтиир уопсай аакка
                -чаан сыһыарыыны эбиэҥ этэй?
                II. Анал аакка араас кыратытар, эйэргиир дэгэттээх
                сыһыарыы эбиллэр кыахтаах. Холобур: Аана Аанчык,
                Ааныс, Ааныска, Ааныка, Ааныкчаан, Ааный. Тоҕо?
                III. -ааһын сыһыарыы сороҕор табыгаһа суохтук,
                сыыһа туттуллар. Оччоҕо ханнык табыгастаах, сөптөөх
                ньыманан солбуйуохха сөбүй? Холобур, хайата орду-
                гун сыаналаа: уруогу ааҕааһын чааһа — уруогу ааҕыы
                чааһа, уруогу ааҕар чаас. Аны бэйэҥ ситэрэн тупсар:

    Үлэҕэ ситиһээһин, дьыала киирээһинэ-тахсааһына, оҕо
үлэҕэ кыттааһына, салалта ыйааһына-кэрдээһинэ.

                96. Тэҥнэнэр аат тыллар суолталара тугунан эмэ
                        уратылаһаллар дуо?

    Атыы — атыылааһын — атыы-тутуу — атыыһыттааһын;
Саргычык — Саргычуок — Саргычаан; Эрчим — Эр-
чимчик — Эрчимчээн — Эрчимэй — Эрчимээски —
Эрчимээс; куоска — куоскачаан — куоча; оҕоһут —
оҕолооһун — оҕорҕооһун; эҕэ — эҕэһит — эҕэлээһин,
быраат — быраатыка — быраатыкам — быраатчаан —
бырааттаһыы.

         97. Хаһыаттан -ааһын, -чаан сыһыарыы дьүөрэтэ суох
                 миэстэҕэ туттуллубутун булуҥ. Ону атын ханнык
                 халыыбынан солбуйуохха сөбүй?

56
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61